Судаарыстыба өҥөтүн порталынан 11,5 мөлүйүөн сайабылыанньа киирдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Нэдиэлэ устатыгар үс сааһыттан 16-тыгар диэри саастаах оҕолорго 10 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх көмөҕө судаарыстыба өҥөтүн порталыгар 11,5 мөлүйүөн кэриҥэ сайабылыанньа киирдэ.

edersaas.ru

Бу туһунан бэҕэһээ ыытыллыбыт экономиканы уонна социальнай эйгэни өйөөһүн дьаһалларын олоххо киллэриигэ туһуламмыт сүбэ мунньахха дойду бэрэсидьиэнигэр премьер миниистир Михаил Мишустин, Үлэ итиэннэ социальнай көмүскэл миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрдилэр. Көмө бэс ыйын 1 күнүттэн саҕалаан бэриллэр, сайабылыанньалар алтынны 1 күнүгэр диэри ылыллаллар.

Дойду үрдүнэн бу көмө 22 мөлүйүөн оҕоҕо бэриллиэҕэ. Билиҥҥитэ Судаарыстыба өҥөтүн порталынан 11,5 мөлүйүөн оҕоҕо аҕыс мөлүйүөн сайабылыанньа, ону таһынан, Биэнсийэ пуондатынан 112 тыһыынча сайабылыанньа киирдэ. Онон, сайабылыанньа 99 бырыһыана электроннай көрүҥүнэн киирэр. Маны таһынан, үстэригэр диэри саастаах оҕолорго бэриллэр үс ыйдаах (муус устар, ыам ыйа, бэс ыйа) босуобуйаны 2,3 мөлүйүөн оҕо ылла. Бу иһигэр икки мөлүйүөн кэриҥэ оҕо төрөппүттэрэ ыйдааҕы босуобуйаны иккитэ (муус устарга уонна ыам ыйыгар) ыллылар, – диэтэ Антон Котяков.

Владимир Путин ийэ хапытаалын ылар бырааба суох дьиэ кэргэттэри бу көмөнөн эмиэ хабар туһунан дьаһалын кэнниттэн сайабылыанньа ахсаана элбээбит.

 

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0