Былаһааккаҕа дьарыктанар көҥүллэнэр дуо?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сыстыганнаах дьаҥ эпидиэмийэтинэн сибээстээн, дьиэҕэ олорор дьонтон араас ыйытыы киирэр.

edersaas.ru

Бары ыйытыыларга сөптөөх хоруй бэриллэр.

Волонтердарга ханнык нүөмэргэ эрийиэххэ сөбүй? Кырдьаҕас дьон наадыйар. 

❗️Саастаах дьон 8(800)200-34-11) эбэтэр +7 914 229-09-54 нүөмэрдэргэ эрийдэхтэринэ, сайаапкаларын ылан, көрдөһүүлэрин толоруохтара.

Бородуукта маҕаһыыннарыгар сыананы үрдэтэн эрэллэр. Ханна эрийэн билсэбит?

❗️ Өскө эһиги сыана үрдээбитин биллэххитинэ 50-80-26 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ. Бу Сыана судаарыстыбаннай кэмитиэтин «итии лиинийэтин» төлөпүөнэ. Бэрэбиэркэ уонна хонтуруол гражданин сайабылыанньатыгар эрэ олоҕуран оҥоһуллар.

Дьиэ аттыгар баар былаһааккаҕа тахсан успуордунан дьарыктаныы көҥүллэнэр дуо?

❗️ Суох. Коронавирус инфекцията тренажердарга, дьарыктанар тэриллэргэ баар буолуон сөп.

Оҕону кытта кэлээскэлээх тахсан күүлэйдиэххэ сөп дуо?

❗️Маннык күүлэйдээһин быстах кэмҥэ бобуллубута.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0