Социальнай төлөбүрдэр — «Мир» каартаҕа

Бөлөххө киир:

Социальнай төлөбүрдэри “Мир” каартаҕа эрэ түһэрэр буолуохтара. Тохсунньу 31 күнүттэн «О национальной платёжной системе» сокуоҥҥа уларытыылар үлэлээн бараллар.

edersaas.ru

Сокуон чэрчитинэн, бааннар бүддьүөттэн барар социальнай төлөбүрдэри Арассыыйа эрэ оҥорбут систиэмэтигэр түһэрэр эбээһинэстэнэллэр. Манна туох баар социальнай көмө миэрэлэрэ, чэпчэтиилэр киирэллэр. Холобур, оҕо босуобуйатын ыларгар, “Мир” каартата суох буоллаххына, харчы түспэт.

Билигин “Мир” систиэмэтин нөҥүө олохтоох былаас уорганнарын үлэһиттэрэ, байыаннайдар хамнастарын уонна устудьуоннар истипиэндьийэлэрин ылаллар.

Ону тэҥэ, Социальнай страховкалааһын пуондатын төлөбүрдэрэ эмиэ “Мир” каартаҕа түһэллэр. Холобур, хат буоллахха, оҕо төрөөтөҕүнэ, ыарыйдахха, о.д.а. ылар босуобуйалар, төлөбүрдэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0