Сэтинньи – Байанай ыйа

Бөлөххө киир:

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ. Билигин да ол кэтээн көрүү суолтатын сүтэрбэт. 

edersaas.ru

Ый бэлиэлэрэ

Таҥарата: Байанай. Ойуута: ох. Суолтата: сатабыл. Тыла: һук. Сулуһа: Кэһэх Сулус. Бухатыыра: Тамаллаайы Бэргэн. Куота: Нуоралдьын Куо. Мала: хойгуо. Тыаһа: хобо. Үүнээйитэ: долохоно. Көтөрө: улар. Кыыла: киис. Аһа: хаан.

Түөлбэ тылыгар

Күн киирэр ыйа; күн түһэр ыйа; күөл суокурун ыйа; оноҕос ыйа; сатыы тымныы түһэр ыйа; хайах сиир ый; хараҥа күн ыйа.

Таҥарата

Байанай – тыа, ойуур, көтөр–сүүрэр таҥарата. Айыы үөрэҕэ этэринэн, Байанай сэтинньи ыйга дьоҥҥо чугаһыыр. Байанайы биһиги өбүгэлэрбит олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр оҕонньор курдук саныыллара. Байанай таҥаралаах киһи сылыктаан толкуйдуур, бэйэтин кыаҕар эрэнимтиэ буолар. Тугу эмэни ылсыбыт буоллаҕына, толоруор диэри эппэт. Кини сүрүн болҕомтотун булуу-талыы дьоҕуругар хатыыр.

Күн-дьыл билгэтэ

Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон, хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх, үксүгэр, былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Түүмэх элбэх буоллаҕына — өҥ дьылы, түүмэх аҕыйах буоллаҕына, курааны күүтэллэр.

Ый ортотугар (14 күн) сылаас таҥаһы кэтэр күн. Халлаан тымныйар. Киһи кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр.

Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам буолбатах (ол ахсынньы 10-тан саҕаланыа). Күн сиэлиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.

Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу, быһаараллар. Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибин түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр. Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.

Суолтата

Сэтинньи  аһа элбэҕинэн уратыланар. Кыһын кэлиитэ идэһэлэнэллэр, муҥхалыыллар, тайахтыыллар, мас көтөрдүүллэр. Бу ас-үөл элбэх кэмигэр элбэхтик уруулар буолаллар, малааһыннар тэриллэллэр. Онон саха олоҕор бу улахан суолталаах ый – ас-үөл элбиир, кыһыҥҥы хаһаас халыҥыыр. Кыстыгы этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэллэр.

Бу ыйга ыалларга, аймахтарга сылдьан ыалдьыттаһан баран, кэһиилэнии үгэһэ тарҕаммыт. Булчуттар көрсүһэн, көмүлүөк тула сэһэргэһэллэр. Дьахталлар мустан иистэнэллэр, кыргыттары иискэ үөрэтэллэр.    Сэтинньи үксэ добдурҕа кэмигэр сөп түбэһэр. Добдурҕа диэн уу, бадараан тоҥор, хаар чараас кэмэ. Онон мэһэй суох буолан, киһи ханна баҕарар тиийэр.

Туомнара

Байанайы олордуу (сүгүрүйүү туома).

Уруу тардыыта. Үөскүөхтээх ыаллар тускулларын оҥорор алгыс.

Сайдамҥа киллэрии.

Суорумньу домо. Суорумньунан дьарыктанар дьоҥҥо алгыс.

Күөсчүт алгыһа. Аска алгыһы биэрэр туом ый 20 күнүгэр оҥоһуллар.

Алгыһa

Байанайга хайыһыы

Һук, Һук, Һук!

Дьолуону тосхойооччу,

Өлгөмү биэрээччи,

Хара тыа хаһаайына,

Тумул тыа тойоно,

Кыһыл саһыл кымньыылаах,

Ой буур онньуулаах,

Көй боллох сэксэ олохтоох,

Сөҥ сөгөлөөн тусаһалаах,

Эһээ диэтэххэ,

Эһээ диэччи,

Бардам Тутуу,

Барылы Кэскил,

Барылаах

Баай Байанай Тойон эһэм,

Бэттэх көрөн

Мичик гын,

Дом!

 Ааттара

1,2 – Байанай, Уйгуун

3,4 – Барылан, Айталыына.

5,6 – Байдам, Барахсаана.

7,8 – Дэлэгэй, Далбаара.

9,10 – Саргын, Хаачылаана.

11,12 – Сулустаан, Харыстаана.

13,14 – Талбан, Тускулаана.

15,16 – Уххан, Сахаайа.

17,18 – Добун, Нарыйа.

19,20 – Дабыл, Байаана.

21,22 – Айтал, Мичийэ.

23,24 – Байан, Айыына.

25,26 – Дархан, Ньургустаана.

27,28 – Кэрэмэн, Санаайа.

29,30 – Айаал, Күбэйэ.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Иннокентий Пестряков уруһуйдара туһанылыннылар.

Сүрүн хаартыска — yakutiamedia.ru

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0