Сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр 71 миллиарды биэриэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Кыайыы 75 сылынан биирдэ бэриллэр төлөбүргэ РФ бырабыыталыстыбата сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, огдооболоругар бүддьүөттэн 71 миллиард солкуобайы ыытарга бэлэмнээтэ.

edersaas.ru

РФ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ онно сыһыаннаах сокуон барылын бэлэмнээтэ.

Кыайыы күнүнэн сибээстээн, быйыл 1 148 441 киһи маннык төлөбүрдэри ылыахтара. Ол иһигэр 75 тыһыынча солкуобайы ылааччылар — 537 057 киһи, 50 тыһыынча солкуобайы ылааччылар — 611 384 киһи.

Санатар буоллахха, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар 75 тыһыынча солкуобай бэриллиэҕэ. Маннык төлөбүрү концлааҕырга хаайыллыбыт оччотооҕу оҕолор, Аҕа дойду сэриитигэр, Финляндияны, Японияны кытары сэриигэ өлбүт буойуттар огдооболоро, сэрии бэтэрээннэрин, инбэлииттэрин огдооболоро ылаллар.

50 тыһыынча солкуобайы сэрии бириэмэтигэр 6 ыйтан кырата суох кэмҥэ үлэлээбит тыыл бэтэрээннэрэ, оччолорго сокуоннай саастарын туолан баран, концлааҕырдарга,  геттоларга хаайыллыбыт дьон ылаллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0