Сэрии бэтэрээннэригэр 75 тыһыынчаны биэриэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Олунньу 7 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Кыайыы 75 сылынан сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр биирдэ бэриллэр төлөбүр туһунан ыйаахха илии баттаата.

edersaas.ru

Бу ыйаах 2020 сыл муус устар, ыам ыйдарыгар РФ, Латвийскай, Литовскай, Эстонскай Өрөспүүбүлүкэлэргэ олорор бэтэрээннэргэ сыһыаннаах.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар 75 тыһыынча солкуобай бэриллиэҕэ. Маннык төлөбүрү концлааҕырга хаайыллыбыт оҕолор, Аҕа дойду сэриитигэр, Финляндияны, Японияны кытары сэриигэ өлбүт буойуттар огдооболоро, сэрии бэтэрээннэрин, инбэлииттэрин огдооболоро ылаллар.

50 тыһыынча солкуобайы сэрии бириэмэтигэр 6 ыйтан кырата суох кэмҥэ үлэлээбит тыыл бэтэрээннэрэ, оччолорго сокуоннай саастарын туолан баран,  концлааҕырдарга, геттоларга хаайыллыбыт дьон ылаллар.

Санатар буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн эбии сэрии кыттыылаахтара уонна сэрии толоонугар өлбүт буойуттар огдооболоро – 100 тыһыынча солкуобайы, Ленинград блокадатын кыттыылаахтара, концлааҕырдарга хаайыллыбыт оҕолор – 30 тыһыынча солкуобайы, өлбүт бэтэрээннэр огдооболоро – 20 тыһыынча солкуобайы, тыыл бэтэрээннэрэ – 10 тыһыынча солкуобайы, сэрии кэмин оҕолоро – 3 тыһыынча солкуобайы ылыахтаахтар. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа тахсан турар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0