«Сахамедиа» холдинг үлэһиттэрэ бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр (Видео)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылынан «Сахамедиа» холдинг үлэһиттэрэ бэчээт эйгэтигэр бииргэ үлэлээбит бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр.

edersaas.ru

Ытык дьоммут Улуу Кыайыыга туһуламмыт ис хоһоонноох кинигэни кытта  сибэкки дьөрбөтүн уонна олохтоох оҥорон таһаарыы аһын-үөлүн бэлэх туттулар.

Холдинг үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Анивера Акимова бэлиэтээбитинэн,   Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылынан «Сахамедиа» тэрилтэ «Саха сирэ» уонна «Якутия» хаһыаттарыгар өр сылларга олохторун анаабыт 41 бэтэрээҥҥэ бэлэҕи кытта коронавирус сыстыганнаах дьаҥыттан харыстаналларыгар антисептик уонна мааска туттарда.

Бэтэрээннэр биир идэлээхтэригэр, «Сахамедиа» холдинг үлэһиттэригэр, болҕомтолорун иһин махтал тылларын истиҥин анаатылар.

Ытыктыыр күндү дьоммут өрүү бу курдук күлэ-үөрэ сылдьалларыгар, оҕолорун уонна сиэннэрин тапталларыгар угуттанан, өр да өр дьоллоохтук олороллоругар баҕарабыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0