Саха ынаҕын суолтата, кэскилэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха омук – глобализатор, ол эбэтэр аан дойду олоҕун анаарар көрөр, кэскиллээх санаалаах.

edersaas.ru


Ити олоҥхоҕо, сэһэҥҥэ чаҕылхайдык көстөр. Ол, арааһа, дьылҕатын силиһэ дириҥиттэн тахсара буолуо.  “Киһи-сүөһү”, “дьон-сэргэ” диэн тыллар ис хоһоонноро саха олоҕун түстүүллэр. Саха— ынах сүөһүлээх буолан үрүҥ тыынын өллөйдөөбүт, сэргэ анньан олохсуйан сири-уоту иччилээбит. Саха ынаҕа иччитигэр бары өттүнэн туһалааҕын, ханнык да ыарыыга бэриммэт ураты тулуурдааҕын билим араас өттүнэн ырытан дакаастаабыта.

Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар саха төрүт олоҕун огдолуйуута ынах сүөһүтүн эһииттэн саҕаламмыта. Онтон ыла оҕолуун-уруулуун аҕыйаан-ахсаан, сиртэн-уоттан тэйэн, тосту-туора астаах, эйгэлээх, дьарыктаах буолан, балысхан сайдыыны сырсарга дьулуһабыт. Онтубут баара, олорбуппут сыччах диэбит курдук, үлүскэннээх сыстыганнаах ыарыы туран, хааһахха тыыннардылар. Бу дьохсойон олорон эргитэ санаатахха, туох баар солотуулаах барыта суураллан, төрүт сир, ас, дьарык, майгы эрэ дьиҥнээх тыын суолталаах эбит. Ол сүрүн тутуллара — саха ынаҕа. Бу өбүгэ кэриэһин кыл-мүччү тутан хаалбыт дьоллоох эбиппит. Кини үүтүнэн-аһынан өллөнөөччүлэр чөл туруктаах ньир-бааччы олорор кэмнэрэ тирээтэ. Онон төрүт сирбитигэр ким туох силистээх, санаата хотор, сүрэҕэ тэбэр, үлэни кыайа-хото тутар, дьиэ-уот тэринэн олохсуйан  олороругар дьулуһар кэмэ кэллэ.Саха ынаҕын үүтүттэн-этиттэн эмп оҥорон киһи-аймаҕы да быыһыыр кэмэ тосхойоро буолуо. Онон аан дойдуну анаарар уратыбыт – бу инникини ыраланыы. Самныбат саргы диэн, дьон-сэргэ туһугар киһи-сүөһү дьүөрэлэспит күүһүн этэн эрдэхтэрэ.

Саха ынаҕа өрүттэрин туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлэспит Эбээн-Бытантай улууһун олохтоохторо, «Тускул» тэрилтэ үлэһиттэрэ, анал сокуону оҥорбут дьокутааттар, научнай үлэһиттэр, Ил Дархан Айсен Николаев анал дьаһаллара – барыта ситэрсэн, билиҥҥи туругунан 1977 төбө иитиллэн турар. Уонча улууска тарҕанна. Аҕыйах хонуктааҕыта Мииринэй Сүлдьүкээригэр 147 ыччат сүөһүнү олохсуттулар. Сүлүһүннээх ыарыыларга хаптарбат ураты кыахтааҕын, бигэ туруктааҕын иһин былырыын Кыһыл көмүс мэтээлинэн сыаналаммыта. Оннук кыһыл да көмүскэ бэриллибэт сыаналаах сүөһүбүт суолтатын, дьэ, харахпыт аһыллан,  өлбөт мэҥэ уутугар холоонноох бэйэлээх бэйэбит сүөһүбүт буоларын билинэр кэммит кэллэ. Бу саха омук киһи-аймах туһугар айбыт сүҥкэн суолталаах кэскилэ.

Ульяна ВИНОКУРОВА,

социология билимин дуоктара,

“Төрүт баай” уопсастыбаннай  хамсааһын көҕүлээччитэ.

Хаартыска: vesti14.ru саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0