Саастаах киһи дьиэҕэ түбүгэ элбэх

Бөлөххө киир:

Коронавирус ордук аҕам саастаахтарга охсуута улахан диэн этиллэр. Ол иһин, кинилэр этэҥҥэ сылдьалларын туһугар, Ил Дархан Айсен Николаев анал ыйааҕы таһаарбыта. Онон 65-тэн үөһэ саастаахтар дьиэҕэ хааччахтанан олорор буоллулар.

Саастаах киһи дьиэҕэ олорон билигин тугунан дьарыктанарын Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Петр Андреев кэпсиир:

— Тыйаатыр үлэһиттэрэ бары дьиэттэн олорон үлэлиибит. Ону таһынан, саастаах дьоҥҥо эбии анал ыйаах таҕыста. Онон дьиэҕэ олорон хаһыат ааҕабын, тэлэбиисэр, сахалыы ютуб ханааллары көрөбүн. Сахалыы тыллаах хаһыаттары ааҕаары, хас нэдиэлэ аайы чэппиэр буоларын дьиэ кэргэнинэн күүтэбит. Бүгүн чэппиэр буолан үөрэн олоробун. Кыра сиэммитин көрдөрө хаалларбыттара. Онон дьиэҕэ да дьарык элбэх.

Муус устар ый ортотугар Екатерина Захарова үбүлүөйүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ хоһоон ааҕыахтаахпыт.  Ол хоһооммун үөрэтэбин. Быыспар, аралдьыйа таарыйа, кыралаан ону-маны үлэлиибин.

Сөптөөх ыйаах таҕыста дии саныыбын. Кырдьаҕас киһи организма ыарыыны утары охсуһара намтыыр, мөлтүүр буолан, дьаҥҥа-дьаһахха түргэнник ылларыахпытын сөп. Онон билигин дьиэҕэ  олорон, дьоммутугар-сэргэбитигэр тугу эмэ көмөлөһүөхпүтүн сөп.

Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интернет ситимиттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0