Саҥаттан уһултарыахха

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьаҥ кэмигэр сэрэхтээх буоларбыт ирдэнэр. Оптуобуһунан айаннаан иһээччилэр, аэропуорка көтө киирбит дьон Саха араадьыйатын көмүс куолаһа Эдуард Рудых дьаҥтан харыстаныы туһунан ааҕар тиэксин истэллэр.

edersaas.ru

Сэрэтэр ис хоһоонноох бэртээхэй тиэкис, нууччалыы уонна сахалыы тылынан буолан, киһи барыта истэр. Өйдөөн иһиттэххэ, тиэкис иһигэр муус устар 6 күнүгэр диэн тыл баар. Дьаҥ саҥа саҕаланан эрдэҕинэ уһултарбыттар быһыылаах. Онон тиэкиһи аахтарар дьон саҥардан уһултараллара буоллар, өссө көдьүүстээх буолуо эбит.

Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0