Саҥа сыл бэлиэтигэр төһө итэҕэйэҕин?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл араас норуокка араас итэҕэллээх, бэлиэлээх. Ол эрээри, омугуттан тутулуга суох бырааһынньык остуолун тула мустан бэйэ-бэйэҕэ баҕа санаа этиллэр. Төһөнөн элбэх киһини эҕэрдэлиигин, ис дууһаҕыттан баҕа санааны этэҕин – соччонон үүнэр сылга ситиһии күүтэр дииллэр.


Дьон Саҥа сылы кытта ситимнээх ханнык бэлиэҕэ итэҕэйэр, тутуһар эбитий?

— Сылгын хайдах саҕалыыгын — оннук ааһыа;

— Тохсунньу 1 күнүгэр ыарахан, кирдээх үлэни оҥорума — сыл устата уустуктары көрсүөҥ;

— Үүммүт сыл маҥнайгы күнүгэр дьиэни сиппийимэ, бөҕү дьиэттэн таһаарыма – баайгын-дуолгун ыһыктыаҥ;

— Этиһимэ-охсуһума – сылыҥ айдааннаах буолуо;

— Харчы иэс ылыма – сылы быһа иэстэн-иэскэ олоруоҥ;

— Тыл этэргэр ыарахан, уустук тыллары туттума. Холобур, “ыарыы” диэн тылы тумнан, “доруобай буол” эбэтэр “ыарахан сыл ааста” диэн оннугар, “кэлэр сылбыт этэҥҥэ буоллун”.

— Саҥа дьыллааҕы харыйаны туттуллан бүппүтүн кэннэ түннүгүнэн, балконтан бырахпакка, хаарга олордон кэбиһэр ордук диэн сүбэлииллэр.

Үүммүт сылга ситиһиини, дьолу, үгүс үөрүүнү!

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0