Режиссер Костас Марсан: “Дьыбааҥҥа сытан аан дойдуну өрүһүйүҥ!”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Костас Марсан, “Сайсары күөлгэ…”, “Иччи” киинэлэр режиссердара:

— Уһун кыһыны туораабыт саха киһитэ, сааскы күҥҥэ сыламныы таһырдьа тахсыан баҕарара биллэр. Ол эрэн, дьаҥ аата дьаҥ. Санаан көрүҥ, аан дойду олоччу, биир киһи курдук, дьиэтигэр олорор! “Дьыбааҥҥа сытан аан дойдуну өрүһүйүҥ!” диэн эҕэлээх соҕус этии, төһө даҕаны көрүдьүөстүк иһилиннэр, кырдьыгы этэр.

Бу балаһыанньаҕа күүстээх санаа уонна тулуур биһиэхэ баар буолуохтаах. Хаайтарыыга аҥаардас хараҥа өттүлэрин эрэ көрдөөбөккө, туһалаах өттүн була сатыахха наада. Холобур, тус бэйэм бу бэйэни хааччахтаныы эрэсиимин табаҕы быраҕарга туһанарга сананным. Күннээҕи олох күүрээнигэр оҕустара сылдьан, күн аайы араас дьону кытта көрсө сылдьан, бу куһаҕан дьаллыктан аккаастанар кыах суох курдуга. Оттон билигин, бэйэбин кытта бэйэм эрэ баар кэмҥэ, өйбүн-санаабын ис иһиттэн хасыһан, табаҕа да суох олоруохпун сөп диэн санааҕа кэллим. Иккис нэдиэлэбин буруо таһаарбакка сылдьабын, бу харантыын көмөтүнэн табахтаабат киһи буолан тахсар былааннаахпын. Онон кытаатын, кыатана сатааҥ, дьиссипилиинэтэ олохтонуҥ, бэйэҕитин харыстааҥ!

Егор Карпов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0