Үөрэх салҕанар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ уонна Рособрнадзор үөрэх дьылын болдьоҕун иннинэ (досрочно) түмүктүүр туһунан боппуруоһу үөрэтэллэр үһү диэн социальнай ситимнэринэн сурах тарҕанна.

edersaas.ru

Бэҕэһээҥҥиттэн, социальнай ситимнэргэ, “дойду Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ уонна Рособрнадзор коронавируһунан сибээстээн, быйылгы 2019-2020 үөрэх дьылын болдьоҕун иннинэ (досрочно) түмүктүүр туһунан боппуруоһу үөрэтэр, билиҥҥитэ номнуо быһаарыллыбыт үһү,  ол туһунан муус устарга иһитиннэриэхтэрэ үһү” диэн сурах тарҕанна.

Чахчытын билээри, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтиттэн туоһуласпыппытыгар маннык хоруйдаатылар: “Үөрэх дьылын болдьоҕун иннинэ тохтотор эбэтэр итинник кыах баарын туһунан кэпсэтии барарын туһунан официальнай иһитиннэрии биһиэхэ киирбэтэҕэ. РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ ылынар туох баар иһитиннэриитэ министиэристибэ бэйэтин саайтыгар https://edu.gov.ru тахсар. Саха сиригэр, өрөспүүбүлүкэ салалтатын быһаарыытынан 2020 сыл кулун тутар 18-27 күннэригэр сынньалаҥ биллэриллибитэ”.

Коронавируһунан сибээстээн, өссө да элбэх “үһү” тарҕаныа турдаҕа. Ону барытын “ыраас мууска ылынар” сыыһа диэн сүбэлиэхпитин эрэ сөп.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0