Үрдүк уонна орто үөрэхтэргэ докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн туталлар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биир кэлим эксээмэн төһө даҕаны от ыйын 3 күнүттэн саҕаланнар, быйыл эмиэ былырыыҥҥы курдук, абитуриеннартан докумуону үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ тэҥҥэ, бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыахтара.

edersaas.ru

Быйыл эмиэ абитуриеннар докумуоннарын үрдүк үөрэххэ бэс ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын 17 күнүгэр диэри туттаралларын курдук кыах биэрэргэ быһаарынныбыт. Быйылгы сыл сүрүн уратытынан, докумуону эксээмэн (ЕГЭ) иннинэ туттарыахха сөп”, — диэн РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков эппитэ.

Онон үрдүк үөрэх кыһаларыгар абитуриеннар докумуоннарын биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) иннинэ, аттестаттарын ылаат даҕаны туттара туруохтарын сөп. Оҕолор эксээмэн туттарар кэмнэригэр тутар хамыыһыйа кинилэр сайабылыанньаларын, аттестаттарын, хаартыскаларын, онтон даҕаны атын докумуоннарын дьаарыстыы туруоҕа. Онтон биир кэлим эксээмэн түмүгэ билиннэ даҕаны, тута баазаҕа киллэриэхтэрэ.  Оччотугар үлэ арыый тэтимирэр. Биллэн турар, үрдүк үөрэххэ киирэргэ аттестат сыанатын көрбөттөр. Бу үрдүк үөрэх кыһаларын иһинэн баар орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр киирэргэ ирдэнэр.

Урукку сылларга курдук биэс үрдүк үөрэххэ хас биирдиитигэр үстүү идэҕэ биэриэххэ сөп. Онон, уопсайа, 15 идэҕэ туттарар көҥүллэнэр.

Саха сирин үрдүк үөрэҕин кыһалара докумуону дистанционнайынан туталлар. Холобура, ХИФУ буочтанан эҥин ылбаппыт, дистанционнайынан университет бэйэтин саайтыгар абитуриент “личнэй кэбиниэт” арынан, онон тутабыт диэн эрдэттэн биллэрбитэ.

Ол эрээри, үөрэххэ туттарсааччылар “үһү” диэнинэн сирдэтиммэккэ, ханнык үөрэх тэрилтэтигэр туттарсаргытынан ол тэрилтэ саайтыгар киирэн илэ көрөргүт, туох уларыйыы тахсыбытын билэ олороргут ирдэнэр.

Быйылгы биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) сүрүн түһүмэҕэр эксээмэни убаастанар биричиинэнэн кыайан туттарбатахтар, эрэсиэрбэҕэ күннэргэ (резервные дни) туттараллар. Бу эрэсиэрбэҕэ күннэр атырдьах ыйын саҥатыгар буолаллар. Үрдүк үөрэххэ киириини быһаарыы (зачисление) эксээмэн эрэсиэрбэҕэ күннэрин кэнниттэн, оҕолор докумуоннарын туттарбыттарын кэннэ биирдэ тахсыаҕа диэн миниистир бэрэсидьиэни кытта мунньах кэмигэр быһаарбыта.

СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Михаил Сивцев иһитиннэрбитинэн, Саха сиринээҕи орто анал үөрэхтэр тэрилтэлэрэ докумуону эмиэ бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыыллар. Орто үөрэххэ киирэргэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) баала ирдэммэт, аттестатынан ылаллар. Ол эрээри, үөрэххэ киириини быһаарыы (зачисление) үрдүк үөрэх кэнниттэн биирдэ буолар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0