Үрдүк үөрэххэ докумуону тутуу болдьоҕо уһаан биэрдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ коронавируһунан сибээстээн, быйыл үөрэххэ тутуу болдьоҕун уһатта.

edersaas.ru


Дойду наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков үрдүк үөрэххэ бүддьүөт миэстэтигэр туттарсар абитуриеннар докумуоннарын атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри биэриэхтэрин сөп диэн эттэ. Ити даата докумуону тутууга бүтэһик күн буоларын ыйда.

Санатан эттэххэ, былырыыҥҥа диэри докумуоннары эбии тургутуута суох биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн, үөрэххэ туттарсааччылартан от ыйын 26 күнүгэр диэри ылааччылар. Миниистир эрдэ этэн аһарбытын курдук, быйыл онлайн туттарыыга саҥа суоллары тобулаллар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0