Үрдүк үөрэххэ бүддьүөт миэстэтэ эбиллиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Билигин “үрдүк үөрэххэ киирэргэ бүддьүөт миэстэтэ аҕыйах, оттон төлөбүрдээх бас быстар сыана” диэн төрөппүттэр элбэхтик этэллэр. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин чугастааҕы сылларга оскуоланы бүтэрэр оҕо ахсаана эбиллиэҕэ, ону учуоттаан, күнүскү үрдүк үөрэххэ тэҥ, сөптөөх босхо үөрэҕи оннунан хаалларарбыт ирдэнэр диэн эттэ.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Манан сибээстээн, үрдүк үөрэххэ сыллата бүддьүөт миэстэтин эбэн иһэргэ этии киллэрэбин. Ону ааһан, (билигин этэр этиим улахан суолталаах), бу миэстэлэри эрэгийиэннээҕи үрдүк үөрэх кыһаларыгар, күн бүгүн быраастар, учууталлар, инженердэр тиийбэт сирдэригэр биэриэххэ наада”, — диэн тоһоҕолоон эттэ.

Доруобуйа харыстабылыгар каадыры бэлэмнээһин тутаах боппуруос буоларын ыйда. 2024 сылга доруобуйа харыстабылын бары салаата исписэлиистэринэн хааччыллыахтаах, маныаха сүрүн болҕомто бастакы сүһүөххэ ууруллуохтаах диэн иһитиннэрдэ. “Онон сибээстээн, үрдүк үөрэх кыһаларыгар мэдиссиинэ исписээлинэстэригэр саҥа үөрэх дьылыгар үөрэххэ ылыы бэрээдэгин биллэ уларытар наада. “Лечебнэй дьыала” идэтигэр бүддьүөт миэстэтин 70 бырыһыана, “педиатрия” идэтигэр 75 бырыһыана тус сыаллаах (целевой) буолуоҕа. Тус сыаллаах ылыыга квота эрэгийиэннэр сайаапкаларынан тэриллиэҕэ”, — диэн быһаарда. Итиэннэ үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ чопчу быраас ирдэнэр сиригэр үлэлии баралларыгар мэктиэлээх буолуохтаахтар диэн эттэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ХИФУ пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0