Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ — «Аһаҕас парламент»

Бөлөххө киир:

Сэтинньи 6 күнүгэр “Сахамедиа” холдинг уонна Ил Түмэн “Аһаҕас парламент” диэн кыттыгас бырайыактарынан 2020-2022 сылларга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн барылын дьүүллэһии буолла. Кэпсэтиини “Сахамедиа” генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков салайан ыытта. Тэрээһин спикердарынан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов, СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ  П.В. Гоголев, СӨ үбүн миниистирэ В.А. Жондоров, СӨ экономикатын миниистирэ М.А. Данилова,  Саха сирин идэлээх сойуустарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ  Н.Н. Дегтяров буоллулар.

edersaas.ru

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев бэлиэтээбитинэн, 2020-2022 сылларга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн барылын кэпсэтии маннык форматтаах ыытыллыбыта салайар былаас, СӨ бырабыыталыстыбата  аһаҕастык үлэлиирин  көрдөрөр. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов 2020 сыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ социальнай хайысхатын сүтэриэ суохтааҕын, ону таһынан, ОДЬКХ, хаарбах дьиэттэн көһөрүү боппуруостара, национальнай бырайыактар умнуллубаттарын туһунан эттэ. Экономика миниистирэ Майя Данилова өрөспүүбүлүкэҕэ  нэһилиэнньэ дьадайыытын икки төгүл кыччатыы барыахтааҕын, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ оҥоһулларыгар аан дойду экономиката эмиэ дьайарын, 2020 сылга хамнас 12,6 % үрдүөхтээҕин кэпсээтэ.

СӨ үбүн  миниистирэ Валерий Жондоров бүддьүөт алмаас, көмүс сыанатыттан, дуоллар кууруһуттан, нолуоктан тутулуктааҕын бэлиэтээн эттэ. 2020 сылга дохуот  уопсай суумата  179 млрд. 333 мөлүйүөн солкуобайга, ороскуот – 180 млрд. 332 мөлүйүөн солкуобайга, дефицит кээмэйэ – 999 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһиэхтэрин ыйда.  “Бу бүддьүөт барыла оҥоһулларыгар федеральнай бүддьүөттэн киирэр  дотация үбэ, ону таһынан  уот тарыыбын тэҥнииргэ туттуллар «РусГидро” киирэр  үп ааҕыллыбата. Нолуоктан киирэр дохуот 110 млрд. буолара сабаҕаланар, мантан атын үп киириитэ 11 млрд. 480 000 000 тэҥнэһиэхтэрэ, ол аата сарбыйыы 2019 сылы кытта тэҥнээтэххэ 44%, ол эбэтэр 8,9 млрд. солкуобайга тэҥнэһэр,”-диэтэ В. Жондоров. Салгыы үп миниистирэ  бүддьүөккэ  57,6 млрд. солкуобайдаах төлөбүрэ суох, босхо туһаныллар үп киирэрин, итинтэн 35,9 млрд. бүддьүөтү хааччыйыыны тэнниир дотация үбэ буоларын, федеральнай бүддьүөттэн 18,4 млрд. солкуобай эбии үп быһыытынан киириэхтээҕин туһунан иһитиннэрдэ.

Кэпсэтии эспиэртэрэ өрөспүүбүлүкэ 51 мөлүйүөн иэһэ сыл аайы улаханнык уларыйбатын бэлиэтээтилэр, тыл сайдыытыгар, үөрэххэ сыһыаннаах  бырагыраамалар үптэрэ эбиллиэн сөбүн туһунан этии киллэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан видео-ыйытыы көмөтүнэн   табаны атыылаһыыга, тиэйиитигэр-таһыытыгар субсидия, хотугу улуустар дотацияларын туһунан ыйытыылар киирдилэр. Дьүүллэһии былаһааккатыттан  киин  куоракка оскуола тутуллуутун, дьиэни кыттыһан тутууга албыннаппыт дьоҥҥо көмө, сиринэн суол төлөнүүтэ, үлэ миэстэтин сарбыйыы кэлэр сыллар бүддьүөттэригэр киириитин туһунан ыйыттылар.

Түмүккэ Саха сирин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтяров аһаҕас кэпсэтиигэ кэлэн кыттыбыт өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар, Ил Түмэҥҥэ, “Сахамедиа” кииҥҥэ махталын биллэрдэ.

Ньургуйаана Иванова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0