Өрөспүүбүлүкэҕэ омук дьоно үлэлии кэлэрэ хааччахтанна

Бөлөххө киир:

СӨ Нэһилиэнньэтэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ үлэ ырыынагын харыстыырга уонна олохтоох үлэтэ суох дьон ахсаанын аҕыйатарга Саха сиригэр виза ылан үлэлии кэлэр омук дьонун ахсаанын намтатарга үлэлэһэр. Ол курдук кинилэргэ бэриллэр квота сыл ахсын аччаан (2015 с. – 1145, 2016 с. – 944, 2017 с. – 331, 2018 с. -215, 2019 с. -181) иһэр. Уһук Илин үрдүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ омук дьоно үлэлии кэлэригэр саамай аҕыйах квота бэриллэр.

edersaas.ru

Патеҥҥа олоҕуран үлэлиир омук дьонун үлэҕэ ылар 2019 сыллаахха Ил Дархан 442 №-дээх кулун тутар 27 күнүгэр тахсыбыт ыйааҕынан бобуллубута. Ол курдук омук дьоно патенынан атыы-эргиэн салаатыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар, балыктааһыҥҥа үлэлииллэрэ хааччахтаммыта. Ону таһынан, үлэ биэрээччилэр кэлии омуктары таксига үлэлэтэллэрэ, таһаҕаһы тиэйиигэ суоппарынан ылаллара бобуллубута.

Доруобуйа харыстабылын, үөрэх кыһатын тэрилтэлэригэр омук дьонун үлэҕэ ылыы эмиэ хааччахтаммыта. Миграннарга уопсайа үлэ 33 көрүҥэ бобуллан турар.

Саха сиригэр үөрэҕэ, уопута суох омук дьоно тоҕо анньан кэлэрин тохтотор сыалтан РФ субъектарын кытта тэҥнээн көрдөххө, үлэ патенын саамай үрдүк сыаната  2019 сылга 9335 солкуобай олохтоммута.

Маннык хааччахтааһын бастатан туран олохтоох дьон үлэ буларыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийдэ.

«Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0