Путин иэстээхтэргэ кирэдьиити биэриини «туорайдаһар»

Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бааҥҥа элбэх иэстээх дьоҥҥо потребительскэй кирэдьиити биэриини хааччахтыыр туһунан эттэ. Кирэдьииттээһин биһиги олохпутугар киириэҕиттэн, бу сыллар тухары наар өҥөнөн туһанааччы туһатыгар буолбакка, биэрээччи туһатыгар үлэлээн кэллэ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Ол да үрдүнэн, Россияҕа баантан иэс харчыны ылааччы ахсаана сыл ахсын элбиир. Бытовой тиэхиньикэттэн саҕалаан бүтүн дьиэ атыылаһыытыгар тиийэ баантан иэс ылабыт. Ол курдук иэс суотугар аһыыбыт-таҥнабыт, хотунан-соҕуруунан күүлэйдиибит, үөрэнэбит. Онон, билиҥҥи үйэҕэ кирэдьиитинэн туһамматах киһи диэн ахсааннаах буолуохтаах.

Билигин нэһилиэнньэ сүрүн дохуотуттан ортотунан 30 – 50%-нын кирэдьиит төлөбүрүгэр ыытарын экспертэр быһаарыылара да суох, хас биирдиибит эт хааммытынан билэбит. Сорох дьон хас да кирэдьиити тэҥинэн ылан, ыйдааҕы хамнаһын барытын бааҥҥа, кэпэрэтииптэргэ «быһалыы» кута турар. Онон иэһэ-күүһэ суох сатаан олорбот буоллубут. Үүнэ-тэһиинэ суох сыанабыт үрдүү турдаҕына, хас биирдии киһи ыйдааҕы хамнаһынан, бэл диэтэр, сыаналаах тиэхиньикэ ылар кыаҕа суох. Эбиитин аныгы олох сиэринэн, муодаттан хаалсымаары, эмиэ иэскэ киирбиппитин өйдөөбөккө да хаалабыт.

Кирэдьиит историятын национальнай бюротун чахчыларынан, ортотунан биир россияниҥҥа 1,5 кирэдиит тиксэр. Ыйдааҕы төлөбүр ортотунан 12 тыһ. солкуобайга тэҥнэһэр эбит.

2016 сыл тохсунньу-сэтинньи ыйдарыгар Россия олохтоохторо уопсайа 1,29 трлн. солкуобай суумалаах 756 тыһыынча ипотечнай кирэдьиити ылбыттар. Бу аҥардас олорор дьиэни атыылаһыыга эрэ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0