«Ыччаты – авиацияҕа» бырайыак үлэтин саҕалаата

Бөлөххө киир:

Лүөччүк идэтин өрө тутарга  уонна салгын тырааныспарыгар үлэһиттэри бэлэмнииргэ «Полярные авиалинии» хампаанньа көҕүлээһининэн «Ыччаты – авиацияҕа» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак оҥоһулунна.

Бырайыак чэрчитинэн, улуустар оскуолаларыгар летнай-тиэхиньиичэскэй хайысхалаах кылаастары арыйыахтара, оҕолорго гражданскай авиация үөрэҕин кыһаларыгар киирэллэригэр көмөлөһүөхтэрэ.

Авиахампаанньа генеральнай дириэктэрэ Семен Винокуров: «Саха ыччатын ортотугар авиация инники күөҥҥэ тутулларын туһугар сыал-сорук оҥостон үлэлиибит. Гражданскай авиация орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирбит оҕолор идэлэрин баһылаан, кинилэртэн төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх олохтоох авиатордар саҥа көлүөнэлэрэ тахсыа диэн эрэнэбит», — диэн этэр.

Оскуоланы бүтэрэр оҕолорго «Полярные авиалинии» тус сыаллаах бырагырааматынан дойду авиационнай-тиэхиньиичэскэй үөрэҕин кыһаларыгар хайдах туттарсан киирэр туһунан брошюра бэлэмнээтилэр. Ону манна киирэн көрүөххэ сөп https://drive.google.com/file/d/1E0opTT5oEZ7s1RQ6MjUgq7x9viuDUw4Q/view?usp=sharing

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0