«Полярнай авиалиниялар» пилота суох тиэхиньикэни көтүтэн көрдүлэр

Бөлөххө киир:

Халаан уута хайдах ааһан иһэрин уонна ойуурга уот ханна турбутун пилота суох дьоҕус көтөр тиэхиньикэ кэтээн көрүөҕэ уонна дьону көрдүүр, быыһыыр үлэҕэ көмөлөһүөҕэ. «Полярнай авиалиниялар» Zala 421-16E пилота суох көтөр тиэхиньикэни атыылаһан, ааспыт нэдиэлэҕэ Хаҥалас улууһугар көтүтэн көрдө. Бу бырайыак СӨ Инновационнай уонна цифровой сайдыытын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан олоххо киирдэ.

Аныгы үйэ сонун тиэхиньикэтин Калашников концерныгар киирэр «Zala aero Group» оҥорон таһаарар. Холобур, бөртөлүөт биир чаас көтүүтэ 300 тыһыынча солкуобай, оттон пилота суох тиэхиньикэ ороскуота 25-60 000 солкуобай. Көтөр аппараакка тепловизор уган, уот ханна турбутун, хантан буруо тахсарын ойуур баһаарын кэмигэр эндэппэккэ булан ылыахтара.

Пилота суох көтөр аппараат 50 килэмиэтирдээх сири суукка хайа баҕарар кэмигэр кыраҕытык кэтээн көрөр кыахтаах. Камера тугу устубутун тута көмпүүтэргэ биэрэ турар. Бу тэрил катапульта көмөтүнэн көтөр уонна парашютунан сиргэ түһэр. Көтөр суудуна муҥутаан саамай түргэтээбитэ 110 км/ч.

Полярниктар саҥа тиэхиньикэлэрэ гаас-ньиэп магистральнай турбатын кэтииргэ, тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ, карта оҥорорго туттуллуо диэн СӨ Тырааныспарын, суол-иис хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0