Полина Находкина: «Биир куолас — сүдү күүс!»

Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун олохтооҕо Полина Пантелеймоновна Находкина биир да быыбары көтүппэтэх киһи. «Урут быыбар бырааһынньыкка тэҥнээҕэ. Төрөппүттэрбит хара сарсыардаттан  эрдэ куоластаан, кэһии-тутуу буолан, үөрэн-көтөн кэлэллэрэ», — диэн кэпсиир.

edersaas.ru

— Эдэр сааспар улахан да куоракка олорон быыбары  көтүппэт буоларбыт. Хомойуох иһин, кэлиҥҥи  кэмҥэ  быыбардыы барарга кыһаммат дьон элбээтэ: «Тугум баҕайытай? Мин куолаһым тугу быһаарыай?»- диэччини элбэхтэ истэбит. Мин санаабар, тыҥааһыннаах быһаарыыга киһи кытаатан биэриэхтээх, сөбүлэһэр, сөбүлэспэт санаатын куоластыыр сиргэ тиийэн биэриэхтээх. Хайа да көлүөнэ кэмигэр олоххо уларыта тутуу тыына баар буолар, ону аныгы дьон быһыытынан, толкуйунан биирдии бэйэбит куоласпытын биэриэхтээхпит дии саныыбын, — диэн Полина Пантелеймоновна  санаатын үллэстэр.

Полина Находкина билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Сиэннэрин көрөрүн быыһыгар,  иэйиитэ киирэн  Саха сирин, айылҕатын,  буола турар быһыы-майгы туһунан хоһоон суруйар.  Билиҥҥитэ 300-кэ хоһоонноох.  «Былырыын 178 хоһоонум  «Олоххо көрүүлэрим» диэн кинигэ буолан тахсыбыта.  Быйыл коронавирус дьаҥа өрө туран,  кинигэҕэ өй өҕүллүбэтэ», — диэн эбэн эттэ.

От ыйын 1 күнүгэр Төрүт сокуоҥҥа уларытыылары, көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһын буолаары турар. Онно сөп түбэһиннэрэн, Полина Пантелеймоновна маннык хоһоону суруйбут:

ОЛОХ ТЭТИМЭ

Олохпут тэтимэ
Түргэнин сөҕөбүт,
Биир сиргэ тэпсэҥниир
Бириэмэ буолбатах.
Сахалыы сиэринэн,
Сахалыы санаанан
Сарсыҥҥы олохпут
Оҥкулун уурсуоҕуҥ.

Сахалыы саҥалаах
Буоларбыт тухары
Самнары санаамыах,
Кэхтэри билимиэх.
Олох диэн күннэтэ
Кэрэҕэ тардыһыы,
Олоҕу саҥалыы
Санаанан оҥостуу.

Санааны сааһылаан,
Толкуйу тобулан
Олорон хаалбакка
Куоластыы барыахха.
Солкуобай суолтатын
Кэппиэйкэ быһаарар,
Биир куолас — сүдү күүс!
Быраапкын туруорсус!

Полина-Победа
Уус-Алдан
09.06.2020

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0