Оскуоланы бүтэрээччилэр докумуоннарын от ыйыгар тутуохтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл үрдүк үөрэх кыһалара магистратураҕа туттарсааччылартан докумуоннары бэс ыйыгар, оскуоланы бүтэрээччилэртэн от ыйыгар тутуохтара.

edersaas.ru

Коронавирус балаһыанньата арыый даҕаны уҕараан, эксээмэни туттарыы араспысаанньатын бырайыагын билиһиннэрдилэр, докумуону тутуу болдьоҕо эмиэ дьэҥкэрэн эрэр.

РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков мунньах кэмигэр быйыл магистратураҕа туттарсааччылар докумуоннарын бэс ыйыгар, оскуоланы бүтэрээччилэртэн от ыйыгар тутар былааннаахтарын иһитиннэрдэ. Онон кыраапык уларыйбат түгэнигэр, үөрэххэ киирии тэтимнээхтик барыаҕын эттэ. Атырдьах ыйыгар номнуо биллэн, үрдүк үөрэҕи балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕалыыр толкуйдаахтар.

Абитуриеннар уонна докумуону тутар хамыыһыйа үлэлэрэ утары көрсөн олорон буолбакка, ыраахтан ыытыллыаҕа. Өскөтүн үрдүк үөрэх эбии тургутууну ыытар түгэнигэр, министиэристибэ онлайн ньыманан ыытыҥ диэн сүбэлээбитэ”, — диэн миниистир эттэ.

Манна даҕатан эттэххэ, сорох ааттаах-суоллаах үрдүк үөрэх кыһалара түөрт-биэс эксээмэни ирдииллэр. Быйыл айар дьоҕуру (эбэтэр идэ хайысхатыгар) эрэйэр эксээмэни аахсыбакка туран, бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар биир кэлим эксээмэн үс биридимиэтинэн ылалларын курдук бырабыыталыстыба бырайыак оҥорбут. Бу бүгүҥҥүтэ бырайыак эрэ буолар. Бигэргэннэр ханнык диэн эрэнэбит.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0