Оптуобус тохтобулларын босхо сууйар киһи

Бөлөххө киир:

Батсаап ситимигэр Дьокуускай олохтооҕо оптуобус тохтобулларын хас сарсыарда ахсын бэйэтин баҕа өттүнэн сууйарын туһунан тарҕанна.

Биллибитинэн, бу киһи Гагаринскай уокурук олохтооҕо буолар. Кини сарсыарда эрдэ, оптуобус сырыыта саҕаланыан иннинэ,  бэйэтэ тэлиэгэҕэ бөтүөннээх ууну тиэйэн аҕалан сууйара сөхтөрдө. Куораты тупсарыыга туруулаһар энтузиаст дьон баара үөрдэр. Оттон харыстыыр дьон баар дуо?

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0