Оҕо 3-гэр диэри эбии босуобуйа биэриэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Владимир Путин кулун тутар 25 күнүнээҕи этиитигэр Ийэ хапытаалын ылар бырааптаах уонна 3-гэр диэри саастаах оҕолоох ыалларга ый аайы 5-тии тыһыынча солкуобайы биэрэр туһунан эттэ.

Ол гынан баран, бу көмө оҕо дьааһылаҕа, уһуйааҥҥа сылдьыбат уонна төрөппүттэрэ “больничнайга”, дэкириэккэ олорор буоллахтарына ордук суолталаах диэтэ. Ону тэҥэ, бу суума Ийэ хапытаалыттан бэриллэр дуу, туспа бүддьүөттэн дуу, биллибэт. Оччотугар, хапытаалларын туттан кэбиспит буоллахтарына, хайдах буоларый, ол чуолкайдана илик. Сотору кэминэн, бу боппуруоһу чуолкайдаан, үбү-харчыны тыыран, сокуоннары, бырагыраамалары бэлэмнээн баран, биллэриэхтэрэ.

Оттон 3-7 саастаах оҕолорго ананар саҥа босуобуйа от ыйыгар бэриллиэхтээх этэ. Владимир Путин бу босуобуйаны бэс ыйыгар биэрэргэ сорудахтаата. Ону тэҥэ, бу үлэни түргэнник ыытарга ЗАГС, нолуок сулууспатыттан информацияны биэрэри түргэтэтэргэ ыҥырда.

Оттон СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ бу көмөнү ылаары сайабылыанньа биэрэргэ e-yakutia.ru порталы туһаныҥ диэн ыҥырар. Туох баар социальнай босуобуйалар кэмигэр бэриллиэхтэрэ диэн эрэннэрэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: rg.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0