НЬУРГУН

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

— Оҕоҥ хараҕынан көрбөт!
Төрүүр дьиэ бырааһын тыллара ыраас халлааҥҥа сүллэр этиҥ эппитинии иһиллибиттэрэ. Эдэр ийэ сүрдээҕин хомойбута-хараастыбыта, ол эрээри, быраас иккистээн нэмийэн:
— Уолгун манна хаалларан барыаххын сөп, — диэбитигэр, кыккыраччы аккаастаммыта.
Күн-дьыл илим хотоҕоһунуу субуллан, Ньургун диэн ааттаммыт кыра киһи улаатан испитэ. Балтараатыгар түөрт атах буолан хаампыта. Анаан оҥоһуллубут хааччахха холкутук сылдьара, погремушканы тыаһата оонньуура.
Хаамарын саҕана хааччаҕын ылан хос иһигэр ыыппыттара. Уолчаан оронтон сыҥаһалаан ыскаап муннугар дуу, остуол атаҕар дуу тиийэн кэтиллэн эбэтэр сүүһүнэн түһэн, уһун күҥҥэ хаста да ытаан марылыыра. Ол эрээри, туох ханна уонна хайдах турарын сыыйа билэн, сэрэнэн хаамарга үөрэммитэ. Хоһун иһин үчүгэйдик баһылаабытын кэннэ, ийэтэ куукунанан, сааланан сылдьарга үөрэппитэ. Онон, үһүн ааһыыта Ньургун оронуттан остуолга, остуолтан саалаҕа диэри хайа баҕарар кэрийэр, остуолтан, ыскааптан бэйэтэ булан аһыыр, саастыылаахтарыттан хойутаан соҕус да буоллар тылланан, наадатын додо курдук быһаарсар буолбута.
Ийэтин төрүт эндэппэкэ билэрэ. Оронугар чугаһаатар эрэ икки илиитин даллатан, өрө чаҕаарыйа көрсөрө. Арыый улаатан иһэн аҕатын, бииргэ төрөөбүт убайдаах эдьиийин илиитин иминэн бигээн көрөн, балачча өр чинчийэн баран, кэлин тэһиппэккэ билэр буолбута.
Саалаҕа тэлгэммит көбүөргэ олорон дьоно тугунан дьарыктаналларын истэрэ. Хоско иистэнэр массыына тыаһыыр, ити ийэтэ таҥас тигэр, саалаҕа эдьиийдээх убайа тэлэбиисэр көрөллөр. Аҕата таһырдьа мас хайытар, сүгэтэ истиэнэ нөҥүө “дор-дор” тыаһыыр. Уолчаан итинник ким ханна сылдьарын, тугу гынарын барытын билэрэ. Төлөпүөн эрэ тыаһаатар олус үөрэрэ, “Алло-аллуо кэллэ!” — диэн үөгүлүү түһэрэ. Оттон саалаҕа ким да суох буоллаҕына ойо эккирээн эркини кыйа туруоруллубут ыскааптарга тайанан туумбаҕа тиийэн, туруупканы ылара:
— Аллоо! Маама (эбэтэр аҕам, убаай) паай, — диирэ. — Маамуоо!
Убайдаах эдьиийэ «Лего» диэн оонньуурдаахтар. Ону самсаан-сааһылаан, араас тутууну оҥорон таһаараллар. Аттыларыгар лэҥкэллэн олорон Ньургун ону барытын истэр, үөрдэхтэринэ тэҥҥэ үөрэр-көтөр, тутан-хабан көрөр. Убайдаах оонньоон бүттэллэр эрэ, Ньургуну иҥнэн охтуо эбэтэр бытархайын айаҕар уктан харыа диэннэр конструкторы хомуйан, үөһэ уураллар.
Арай биирдэ, тоҕо эрэ хомуйбакка барбыттарын булан ылан, уолчаан онон дьарыктанна. Кыһыны быһа илдьэ сылдьыбыт Эһэ Миискэ, Сунаакы ат, Сыылба дьуос курдук сымнаҕас оонньуурдарыгар төрүт кыһаллыбата. Абылыыр дьиктилээх платсмасс кэрчиктэри илиитин иминэн өөр өр үөрэттэ, чинчийдэ. Сытырҕалаата, салаан ылла, тииһинэн ыстаата, бэл, кулгааҕар даҕайан иһиллээн көрдө. Хайаҕастарыгар тарбаҕын укта, кэрдиистэрин имэрийбэхтээтэ. Онтон муннун анныгар хоһооно суох ботугуруу-ботугуруу, тугу эрэ бооччойон сыһаҕастаста. Ити курдук кини «Легонан» үлүһүйбүтэ. Иккилии-үстүү кэрчиги самсыы тутан, арааһы оҥороро уонна олору убайын үтүктэн, “массыына”, “пиип-пиип” диэн ааттаталыыра. Уолларын дьарыгын дьоно сүрдээҕин биһирээбиттэрэ. Өссө элбэх матырыйааллаах конструкторы ылан биэрбиттэрэ.
Биир киэһэ үгэһинэн саалаҕа «Леготын» хомуйа олорон, тэлэбиисэргэ оҕолорго аналлаах сахалыы биэриини тартаран истибитэ.
— Ээчээ, туох сонуннааххын? — Бээчэ уол ыйытар.
— Туох кэлиэй? Эйиэхэ буоллаҕа сонун элбэҕэ, — диир Ээчэ кыыс.
Салгыы ырыа ыллаатылар. Ол кэмҥэ аҕата кэлэн атын ханаалы холбоору гыммытыгар, Ньургун сарылыы түспүтэ:
— Араарыма!
Биэрии бүтүөр диэри саҥата суох тэлэбиисэр иннигэр олорбута. Киэһэ ийэтэ утутаары сырыттаҕына, ыллаан чаҕаарыйбыта:
Киэһэ буолан эн биһи
Нухарыйар кэммитигэр
Ээчэ, Бээчэ доҕордоох
Тиийэн кэллэ биһикчээн…

“Биһик” диэн син биир “орон” диэн буоларын уонна онно утуйулларын Ньургун билэрэ. Кини күнүскү аһылык кэнниттэн уонна убайа оскуолаттан, эдьиийэ дьассааттан, аҕата үлэтиттэн кэллэхтэринэ бары остуол тула олорон аһаабыттарын кэннэ “киэһэ буолла” диэтэхтэринэ утуйара. “Биһикчээн” туһунан ырыаны “утуйарга ыллыыр ырыалара эбит”, — диэн түмүктээбитэ.
Ити кэмтэн ыла ийэтэ бырагыраамматтан көрөн тэлэбиисэргэ уонна араадьыйаҕа кыра оҕолорго аналлаах сахалыы биэриилэри холбоон биэрэр үгэстэммитэ. Онтон истэн уонна эдьиийэ Сардаана дьаассаакка үөрэппит хоһооннорун ааҕарын үтүктэн, уол аҕыйах хоһоону билбитэ. Ордук Эһэ Миискэ туһунан хоһоону сөбүлээбитэ уонна ийэтигэр ааҕан иһитиннэрэрэ:
Эһээ Миискээ, Эһэ Миискээ (уоһун толлоччу туттара)
Саллайбыт төбөлөөх (төбөтүн уҥа-хаҥас кыҥначчы туттара),
Илиитинэн тас-тас (ытыһын таһынара) ,
Атаҕынан топ-топ (муостаҕа тэпсэҥниирэ).

— Ньии, оҕом сыыһын да! — ийэтэ сыллаан ылара.
Бүгүн таһырдьа тахсан, араас тыас-уус, сыт-сымар элбэҕин сөхтө. Быыстала суох бирилиир-ньирилиир, тиҥийэр-таҥыйар тыастан, онуоха эбии муннуга саба биэрэр туох эрэ ураты сытыттан өй-мэй баран, дьиэтигэр төттөрү киирдэ. Саас, харалдьык тахсыбытын кэннэ, ийэтэ таҥыннаран салгын сиэтэ таһаарар этэ да, дьиэ таһа итинник оргуйан-ньиргийэн олорорун тоҕо эрэ өйдөөбөт эбит. Арай, үөһэттэн чаллыргыыр-таммалыыр тыас баарын ийэтэ:
— Һыллыа, ити дьиэ үрдүттэн таммах түһэр, кыһыны быһа турбут хаар ууллар, — диэбитэ.
Итиэннэ туох эрэ инчэҕэй уонна тымныы баҕайыны туттарбыта. Итинэн уолчаан тымныы өссө инчэҕэй буолар эбитин өйдөөбүтэ. Ол иннинэ “тымныы” диэн тылга хараҥаны уонна муннугу дьүөрэлэһиннэрэрэ. “Мэниктээбит, улахан дьон тылын истибэт оҕону муннукка туруораллар, онно тымныы уонна хараҥа” — диэн эдьиийэ Сардаана эппитин өйүгэр умнубаттык хатаабыта. Оттон итиини, сылааһы оттуллубут оһоххо тэҥниирэ. Таһырдьаттан киирэр аан уонна дьиэ муннуга тымныынан аҥылыйар буоллахтарына, оһох барахсан итиинэн илгийэрэ уонна онно мэлдьи Ньургун иһэригэр сылаас үүт баара.
Ити бүгүн таһырдьа тахсыбытыгар үөһэттэн сып-сылаас билиннэ ээ. Онно эмиэ оһох баара дуу? Оччоҕуна ол сыта, тыаһа буоллаҕа? Оттон ити биир кэм бэрилиир-бээҕиниир тугуй?
Үлүгэрдэх үгүс ыйытыыттан уолчаан төбөтө ыалдьан, саҥата-иҥэтэ суох оронугар сытынан кэбистэ. Ийэтэ ыксаан “Суһал көмөнү” ыҥырда.
— Ити аата улаатан эрэбит. Сааһа хаһай? Алтатын туолбута даа? Тулалыыр эйгэ бу курдук абылаан, тардан иһиэ … — диэбитэ быраас уонна тугу эрэ элбэх элбэҕи саҥарбахтаабыта.
Ийэтэ ол аайы сөбүлэһэн сэҥээрэрэ уонна эппитэ:
— Былырыын сайын төрүт кыһаммат курдуга, ол иһин быйыл бэйэтин эрэ ыытан кэбиһэн, оҕом сыыһын уолута сыстым быһыылаах. Чэ аны иккиэн тахсан, аргыый-наллаан билэн иһиэхпит.
Ньургун көрбөтүн билбэт этэ. Кини санаатыгар киһи барыта кини курдук буолуохтааҕа. Аны туран, киниэхэ ким даҕаны «киһи көрөр» диэн этэ уонна ол хайдаҕын быһааран биэрэ илигэ. Ол эрээри уолчаан улаатан истэҕин аайы дууһатын хайа эрэ кылынан киниэхэ туох эрэ тиийбэт курдугун сэрэйбитэ. Маҥнай дьоно наар: «Көр, көр!» — диэн тугу эрэ этэллэрин дьиктиргээбитэ. Ити аата туох буоларын ийэтиттэн ыйытыах буолара да, туой умнан кэбиһэрэ. Бүгүн дьиэ таһыгар тахсан салла истибитэ итини кытары ситимнээҕин сэрэйэн, эмиэ өйдөөн кэллэ. Чахчы да КӨРӨР дьон туох эрэ уратыны билэр быһыылаахтар.
— Ийээ, көрөр диэн тугуй? Ийээ, эн көрөҕүн дуу? Ийээ, тоҕо ытаатын?
— Суох, мин ытаабаппын…
— Ытыыгын дии, мин билэбин ээ, — диэн баран Ньургун ийэтин сирэйин имэрийдэ, хараҕын уутун сотто. — Ийээ, миэхэ тугум эрэ суох ээ…
— Инньэ диэмэ, сыллыа…
— Тоҕо? Эйиэхэ ол… баар дуу? — диэн ыйытан баран хардатын кэтэспэккэ: — Мин билэбин, барытын билэбин… — диэн баран улахан киһилии сүр дириҥник өрө тыынан кэбистэ.
Ити курдук кыракый уолчаан Айылҕа ала-чуо киниэхэ кэччэммит кыаҕын хайа эмэ өттүнэн ситэринэр туһугар улуу мөккүөрү саҕалаабыта.
Аайа, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0