Николай Дегтярев: «Үлэ дьонун интэриэһин туруулаһыы күүһүрүөҕэ»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Муус устар 22 күнүгэр Төрүт сокуоҥҥа киирэр уларытыыларга Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын ыытыллыа. Быһаарыылаах күҥҥэ дьон-сэргэ туох санаалаахтарын истиэҕиҥ.


Саха сирин идэлээх сойуустарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев:

—  Арассыыйа Сүрүн Сокуонугар  уларытыылары киллэриигэ дойду идэлээх сойуустара бэйэлэрин этиилэрин түмэн биэрэн олороллор. Арассыыйа тутулуга  суох идэлээх сойуустарын федерацията бары регионнартан этиилэри хомуйбутаол иһигэр биһиги эмиэ бэйэбит көрүүлэрбитин тиэрдэн турабыт

Саха сирин идэлээх сойуустарын аатыттан Федерация хамнас алын кээмэйэ ыйга тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһаҕа суох буолуохтааҕынпенсия сылга биирдэ индексацияланарын уонна  судьуйалар саастарын туһунан этиилэри киллэрбитэ.

Идэлээх сойуустар дойду Сүрүн сокуонугар уларытыылары киллэриини тоҕо наадалааҕынан ааҕабытый

Бастатан туранманна социальнай хайысхалаах кэккэ уларытыылар киирээри туралларБуүлэ дьонун интэриэһин көмүскүүр улахан суолталаах сокуоннары ылынарга төһүү буолуоҕа. Холобур, социальнай партнерство диэн өйдөбул Конституцияҕа киирдэҕинэ – үлэ дьоно, үлэни биэрээччилэр уонна судаарыстыба биир уопсай быһаарыыны ылынар механизмнара күүһүрүөхтээхтэр.

Үлэлиир киһи дьадаҥы буолуо суохтаах диэн идэлээх сойуустар туруорсабыт. Хамнас алын кээмэйэ ыйга тиийинэн олорор алын кээмэйтэн кырата суох буолара Сүрүн сокуонунан бигэргэннэҕинэ бары тэрилтэлэргэ хамнас ааҕыллыыта хос көрүллүө, аныгы олох ирдэбилинэн методика уларыйыа. Итиэннэ пенсия кээмэйэ син биир биһиги дойдубутугар намыһах диэн эмиэ идэлээх сойуустар куруук туруорсабыт. Сыллата пенсия индексацияланыахтааҕын туһунан этиибит Конституцияҕа киирдэҕинэ, пенсия боппуруостарын туруорсуу тэтимириэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0