Нэдиэлэ бүтүүтэ эмискэ тымныйыа!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэ саҥатыгар итийэн баран, от ыйын 27-29 күннэригэр (өрөбүллэргэ) эмиэ эмискэ тымныйыаҕа.

edersaas.ru


«Онон, оҕуруотчуттар, сэрэниҥ!» — диэн норуот синоптига Тускул сэрэтэр.

От ыйын 27-29 күннэригэр Арктикаттан улахан тымныы салгын иһэр. Бу тымныы Халыма-Индигиир улуустарыгар от ыйын 25-29 күннэригэр биллиэҕэ. Түүҥҥү өттүгэр манна  0-2 кыраадыс тымныйыаҕа, хаардаах ардах түһүөҕэ. Тымныы охсуута Анаабыр – Тиксии туһаайыытынан эмиэ улаханнык биллиэҕэ. Манна от ыйын 25 күнүттэн — 30-гар диэри хаардыаҕа уонна ардыаҕа.

Тымныы сүүрээн Бүлүү эҥэр, хоту Дьааҥы эҥэр улуустары, ону тэҥэ киин улуустары хабыаҕа. Онон оҕуруоттаах дьон сэрэнэллэрэ, эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ наада. Оттон сыыйа сылыйан, халлаан оннугар түһүөҕэ. Атырдьах ыйын бастакы дэкээдэтигэр от ыйын курдук куйаас күннэр туруохтара.

Отчуттарга, киин улуустарга бу нэдиэлэҕэ саамай куйаас, кураан күннэр тураллар. Онон бу күннэргэ үлүмнэһэн оттоотоххутуна,  үрдүк хаачыстыбалаах оту ылыаххыт. Онтон биир нэдиэлэ сөрүүкэтэн баран, эмиэ куйаас куннэр туруохтара, — диэн кэпсиир Тускул.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0