Мухтуйа бэтэринээрдэрэ бэйдиэ сылдьар ыты, куосканы аттыыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ленскэй улууһунааҕы Бэтэринээрийэ  управлениетын исписэлиистэрэ тустаах эбээһинэстрин үтүө суобастаахтык толороллор.

edersaas.ru

Ааспыт күһүҥҥүттэн саҕалаан кинилэр «Уши, Лапы и Хвосты» диэн кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэни кытары дуогабардаһан бэйдиэ сылдьар ыттары эмтииллэр, тыһылары стерилизациялыыллар (төрөөбөт оҥороллор), атыырдары аттыыллар, эмтиир-сэрэтэр быһыылары биэрэллэр уонна бииркэлииллэр. Бу хайысханан нэдиэлэҕэ иккитэ, оптуорунньукка уонна чэппиэргэ, үлэлииллэр. Билиҥҥи туругунан,  хаһаайына суох  сылдьар 68 тыһы ыты стерилизациялаатылар, 9 атыыр ыты аттаатылар.

Бэйдиэ сылдьар ыттары көрөр-истэр «Уши, Лапы и Хвосты» кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ 2019 сыллаахха биэнсийэлээх кырдьаҕастар уонна кыра дохуоттаах ыаллар ыттарын, куоскаларын стерилизациялыырга, аттыырга федеральнай Граны ылбыттара. Итиэннэ улуус үрдүнэн 23 ыты уонна 21 куосканы төрөөбөт оҥорбуттара, 9 ыты уонна 94 куосканы аттаабыттара диэн Бэтэринээрийэ пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0