Бастакы Маайдааҕы сэлэлээн хаамыы ыытыллыбат буолла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сыстыганнаах дьаҥ ыарыытын куттала суоһаабытынан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ кэлэктииптэрин Бастакы Маайдааҕы сэлэлээн хаамыылара ыытыллыбат буолла.

edersaas.ru

Бу туһунан Идэлээх сойуустар саайтарыгар иһитиннэрдилэр.

Бырааһынньыктааҕы тэрээһини атын ис хоһоонноон бэлиэтиир туһуттан  Саха сирин Идэлээх сойуустарын федерацията үлэ кэлэктииптэрин ортотугар «Эйэ, Үлэ , Маай!» диэн Маайга анаммыт видеороликтар куонкурустарын биллэрэр.

Бу күөн күрэскэ ким баҕалаах бэйэтин тэрилтэтин кэлэктиибин, идэлэригэр бэриниилээх кэллиэгэлэрин, кэлэктииби иилиир-түмэр үлэ тиэмэтин арыйар үс мүнүүтэлээх  видеороликтары устан кыттыан сөп.

Үлэлэри Идэлээх сойуустар  федерацияларын электроннай почтатыгар ыытаҕыт. Видео формата: AVI, MPEG4; кээмэйэ: 720×480.

Үлэлэри б.дь. муус устар 24 күнүгэр диэри ылаллар.

Сыаналаах бириистэр: I миэстэ — 30 тыһ. солк.; II миэстэ – 20 тыһ. солк; III миэстэ – 10 тыһ. солк.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0