Үлэтэ суох киһиэхэ туох көмө оҥоһулларый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үлэтэ суох буолуу түгэнигэр дьарыга суох хаалбыт киһиэхэ туох көмө, өйөбүл оҥоһуллуоҕай, босуобуйа хайдах төлөнүөҕэй?

edersaas.ru

Бу туһунан соторутааҕыта «Саха» НКИХ «Талбан» биэриигэ СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин салайааччыта Петр Гаврильев быһа сибээскэ тахсан кэпсээтэ.

Кулун тутар 25 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр дойду бырабыытыластыбатыгар үлэтэ суох хаалбыт дьон босуобуйатын төлөбүрүн тулаатыннарыахха диэн сорудах биэрэн турар. Ол сүнньүнэн дойду бырабыыталыстыбата кулун тутар 27 күнүнээҕи 346 №-дээх уурааҕар олоҕуран, үлэтэ суох дьон босуобуйаларын үрдүкү кээмэйэ 12 130 солк. буолла. Оттон алын кээмэй уруккунан — 1500 cолк. хаалла. Саха сирэ Уһук Хотугу зонаҕа киирэр буолан, оройуон коэффициенэ диэн баар. Онно олоҕуран Дьокуускай куоракка олорор үлэтэ суох киһи пособиетын үрдүкү кээмэйэ 16 982 солк. (Арассыыйа атын эригийэннэригэр —12130 солк.) тэҥнэһэр.  Биһиэхэ биэс оройуоннай коэффициентан саамай үрдүк (икки төгүл үрдүк) кээмэйдээх Аллараа Халыма, Усть-Куйга, Айхал уонна Удачнайга олорор үлэтэ суох дьон ылыахтарын сөп. Баларга 24 260 солк. кээмэйдээх пособие төлөнөр. Бу пособиены киһи барыта ылбат. Маны дьон өйдүөн наада. Алын кээмэй уонна үрдүкү кээмэй диэн тус-туспа ирдэбиллээхтэр. Ол эбэтэр үрдүк кээмэйдээх пособиены Дьарыктаах буолуу киинигэр кэлиэхтэрин иннинэ 12 ый иһигэр  26 нэдиэлэ үлэлээбит дьон ылыахтарын сөп.  Оттон 12 ыйтан таһынан үлэтэ суох сылдьыбыт дьон босуобуйа алын кээмэйин 2 100 солк. ылаллар.  Бу коронавирус кэмин кытта сибээһэ суох. Онон ирдэбил барыта уруккунан хаалар. Дьаҥ тарҕанан турар кэмигэр дьиэттэн олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көстүбүт.

Салгыы СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин салайааччыта Петр Гаврильев «Талбан» биэрии истээччилэрин ыйытыыларыгар хоруйун сиһилии билиһиннэриэхпит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0