Үлэтэ суох буолуу үрдүк босуобуйатын кимнээх ылыахтарай?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова социальнай ситимнэринэн быһа сибээскэ тахсан, социальнай өйөбүл эйгэтин сүрүн боппуруостарын, уларыйыылар уонна дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтата ылынар миэрэлэр тустарынан кэпсээтэ.

edersaas.ru

РФ бэрэсидьиэнин сорудаҕынан, 2020 сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэтэ суох хаалбыт уонна Үлэлээх буолуу киинигэр бэлиэтэммит дьон үс ый (муус устар, ыам ыйа, бэс ыйа) устата  үрдүк босуобуйаны ылыаҕа диэн эттэ. “Күн бүгүн бу босуобуйа үлэтэ суох киһиэхэ 12 130 солкуобайга тэҥнэһэр. Манна эбии оройуоннай коэффициент эбиллэр. Ону тэҥэ, коронавируһунан сибээстээн, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолоох буоллаҕына, босуобуйатыгар эбии 3 тыһыынча солкуобай көрүллэр”, — диэн эттэ. Сиһилии Үлэлээх буолуу сулууспатыттан билиэххитин, быһа сибээс төлөпүөнүнэн ыйыталаһыаххытын сөп диэн эттэ.

 

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0