Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ «больничнайдара» уһаата

Бөлөххө киир:

Социальнай страховкалааһын пуондатын Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ электроннай «больничнайдара»  бэс ыйын 11 күнүгэр диэри уһатылынна.

edersaas.ru

Ол курдук 65-тээх уонна онтон үөһээ саастаах дьон дьиэҕэ олоруу эрэсиимин тутуһар буоллахтарына (ыраахтан олорон үлэҕэ көспөтөхтөргө, уоппускаҕа барбатахтарга)  электроннай «больничнай» төлөнөр. “Больничнай лиис” Социальнай страховкалааһын пуондатыттан быһа төлөнөр. Ол аата, маннык «больничнайга» үлэни биэрээччи, тэрилтэ харчыта буолбакка, пуонда бүддьүөтүттэн төлөнөр. «Больничнайы” ааҕыы орто хамнас уонна үлэ ыстааһын кээмэйиттэн тутулуктаах. Холобур, 8 сылтан элбэх ыстаастаах үлэһиттэр орто хамнастарын 100%-нын ылаллар.

Социальнай страховкалааһын Саха сиринээҕи салаата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0