Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ улаатта

Бөлөххө киир:

Тохсунньу 1 күнүттэн дойду үрдүнэн үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) үрдээтэ.

CӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр хамнас алын кээмэйэ (оройуоннай коэффициены, хотугу эбилиги ааҕан туран): Хотугу эргимтэҕэ диэри — 30 325 солкуобайга, хотугу улуустарга — 33 964 солкуобайга тэҥнэстэ.

edersaas.ru

Ол аата бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас бу сууматтан кыра буолуо суохтаах. Оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэммэт тэрилтэлэргэ уонна федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэргэ 1,4-1,7 уонна 2,0 оройуоннай коэффициеннары туһаналлар, 2019 сыл үһүс кыбаарталыгар олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн — 18 443 солкуобайтан намыһах буолуо суохтаах.

Арассыыйаҕа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ 850 солкуобайынан үрдээн, 12 130 солкуобайга тэҥнэстэ. Бу эмиэ киин эрэгийиэннэргэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнээх. Владимир Путин тохсунньутааҕы Анал этиитигэр «МРОТ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах диэн Конституцияҕа уларытыыны киллэриэххэ» диэн этэн турар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0