Өлүөхүмэҕэ уот ситимнэрин өрөмүөннүүллэр

Бөлөххө киир:

Кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ былаан быһыытынан ыытыллар. “Якутскэнерго” алын сүһүөх салаалара уот ситимнэрин, дизельнэй станциялары өрөмүөннүүллэр.

edersaas.ru

Өлүөхүмэтээҕи РЭС үлэһиттэрэ Куду Күөлгэ  0,4 кВ күүрүүлээх уот  ситимин 21 тирэҕин уларытан оҥордулар. Чапаевоҕо 1,3 килэмиэтир уһуннаах уот линиятын саҥардан биэрдилэр. Билигин Тээнэҕэ 6 килэмиэтирдээх ситими өрөмүөннүү сылдьаллар.

Даппарай, Урицкай уонна Куду Күөл  дизельнэй станцияларын генератордарын  өрөмүөннээтилэр.

РЭС начаалынньыга Иван Кузаков  иһитиннэрбитинэн, өрөмүөн үлэтигэр былаантан халбарыйыы тахса илик. Барыта этэҥҥэ ыытылла турар. Дизельнэй уматык барыта аҕалыллыбыт.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0