Кыра дохуоттаах ыаллар оҕолоругар бородуукта түҥэтиэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ аҕыйах хонуктааҕыта кыра дохуоттаах уонна кыра дохуоттаах элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар коронавируһунан сибээстээн ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнэр кэмнэригэр бородууктанан (сухуой паек) туҥэтэр туһунан бирикээһи таһааран, бары улуустарга уонна куорат уокуругар  дьаһаллары ыыталаан турар.

edersaas.ru

Министиэристибэ туһааннаах бирикээһин туһунан edersaas.ru (Эдэр саас) саайтка суруйан турабыт. Министиэристибэҕэ иһитиннэрбиттэринэн, испииһэккэ саамай ирдэнэр бородуукта (куруппа, мокоруон, үрдүк суортаах бурдук, ынах кэнсиэрбэтэ, бэчиэнньэ, үүт, саахар, сакалаат, сок, сибиэһэй оҕуруот аһа, фрукта) киирбит. Санитарнай-эпидемиологическай ирдэбилинэн оҕо сааһыттан уонна аһылыгы тэрийиигэ бүддьүөттэн көрүллүбүт үбүлээһиҥҥэ олоҕуран бигэргэммит менюнан сирдэтэн, оскуолалар бэйэлэрэ быһааран, бородуукта наборун (сухой пайек) биэрэри тэрийиэхтээхтэр диэн эттилэр.

Бородууктаны төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) оскуола усулуобуйатыттан көрөн нэдиэлэҕэ биирдэ эбэтэр икки нэдиэлэҕэ биирдэ ылыахтарын сөп. Бородуукта баарыттан-суоҕуттан уонна туох эбит атын төрүөттэртэн тутулуктанан уларыйыан сөп диэн иһитиннэрдилэр.

 

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0