“Кыайыы аллеятын” ааптара баһылыктары ыҥырар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

  Арассыыйаҕа быйыл Экология сыла биллэриллибитинэн уонна аҕыйах хонугунан Улуу Кыайыы 72 сыла бэлиэтэнэринэн сибээстээн, бүгүн тыыл бэтэрээнэ Иван МОХНАЧЕВСКАЙЫ кытта анан кэпсэттим.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Иван Иосифович Мохначевскай 1929 сыллаахха кулун тутар 17 күнүгэр Чурапчы оройуонугар Алаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Байыаннай сулууспаҕа 26 сыл үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Мас олордуутунан 40-тан тахса сыл дьаныардаахтык дьарыктанар. Байыаннай сулууспа бэтэрээнэ, СӨ «Сыл бастыҥ эколога», «Энтузиаст-эколог» уо.д.а анал ааттар хаһаайыннара, уопсастыбаннай эколог, Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

 

Биһиги тыыл бэтэрээнинээн кэпсэтэр тиэмэбит — мас олордуутугар сүбэ. Сыл аайы куораппытыгар, улуус кииннэригэр уонна нэһилиэктэргэ мас олордуутунан дьарыктанабыт да, олордубут мастарбыт сириэдийэн тахсыбыттара соччо көстүбэт, харахха быраҕыллыбат. Ол, биллэн турар, мас олордуутун ньыматын билбэппитин кытта сибээстээҕэ чахчы.

Иван Мохначевскай мас олордуутун туһунан сүбэлэрин анал түһүмэхтэргэ арааран билиһиннэриим.

Мас олордор сири бэлэмнээһин

 Мас олордуох иннинэ былаан оҥоһуллара олус туһалаах. Ханнык сиргэ, хайдах мастары олордору барытын чуолкайдаан, бэлэмнэнии үлэтэ барыахтаах. Мас олордуллар саамай тоҕоостоох кэмэ – атырдьах ыйын бүтүүтэ уонна балаҕан ыйын саҥата. 30 маһы олордор сири бэлэмнииргэ: 30 дьаама хаһыллар сиригэр 20 см уһуннаах бэлиэ буолар мастары рулетканан мээрэйдээн, биир линияҕа икки ардылара тэҥ буолар гына сиргэ саайаҕын. Манна мас улааттаҕына таһыгар турар маска мэһэйдэппэтин, мэһэйдээбэтин учуоттуур туһалаах.

Оҥкучахтары ортотунан 50 см усталаах, 50 см кэтиттээх, 50 см дириҥнээх гына хаһаҕын уонна ханнык маһы олордоргуттан хара буор, перегной, кумах сиидэлээн кутаҕын.

  • Мас үүнэр буора маһыттан көрөн уратылардаах: бэс кумаҕа хара буорунааҕар элбэх (5/3) уонна перегной олох кутуллубат; тииккэ — 5/3 хара буор, 5/2 кумах буолар; хатыҥҥа — хара буор, кумах уонна перегной тэҥ нуорманан кутуллар. Бэлэмнээбит хара буору, перегнойу, кумаҕы дьаама туолуор диэри кутабыт, кичэйэн буккуйабыт уонна ыарахан «симээйи чуукканан» дьиппинитэбит. Онтон туолуор диэри уу кутан иҥэрэбит уонна биир хонноробут. Сүрүн ирдэбил — мас олордор сир анныгар турба, кабель онтон да атын коммуникация тэриллэрэ уонна үрдүгэр электрическэй уот линията суох буолуохтаах.
  • Түөрүү ньымалара
  • Көһөрүллэр мас 2 м үрдүгэ суох, 1,5 м намыһаҕа суох, хойуу лабаалардаах, үчүгэй көрүҥнээх буолуохтаах.
  • Түөрэр маспытыгар соҕуруу өттүгэр, уһун лабаатыгар өҥнөөх таҥаспытын баайабыт. Манна соҕурууну компаһы туһанан, эбэтэр күнүс 12 чааска күн диэки туһаайан булабыт.
  • Түөрүөхтээх маспыт төрдүттэн 20-25 см тэйиччи күрдьэҕинэн уҥа-хаҥас диэки хамсата-хамсата 30 см дириҥнээх хаһыылары төгүрүччү оҥоһуллар. Ол кэнниттэн маспытын төрдүн буорун алдьаппакка, сэрэнэн түөрэн ылан эрдэ бэлэмннээбит 10 лабаалаах быа үрдүгэр сытар инчэҕэй куулга уурабыт.
  • Маспыт буорун, лабааларын биир биэдэрэ уу кутан илитэр олус туһалаах. Ол кэннэ маспытын куулбутунан суулаан, быаларынан баайан баран наһыылкаҕа ууран, сэрэнэн көтөҕөн илдьэн массыынаҕа тиэйэбит.
  • Маһы олордуу, көрүү уонна харайыы
  • Эрдэ бэлэмнэммит оҥкучахпытыгар өссө эбии хара буор, перегной уонна кумах, уу кутан хойуу хааһы буолар гына буккуйабыт. Ол үрдүгэр аҕалбыт маспытын соҕуруутун тутуһуннаран олордобут уонна мас төрдүн сэрэнэн үрдүттэн ыбылы үктээн дьиппинитэбит. Ол эрээри, мас буорун үөһээ араҥата олордор сирбит таһымыттан аллараа буолбатын тутуһабыт.
  • Мас тула уу хаайарга анаан, 80 см эргимтэлээх, 10 см үрдүктээх гына оҥкучахтан хаһан таһаарбыт буорунан модьоҕо оҥоһуллар. Модьоҕо кэлин мас улаатарыгар ууну тутарга олус туһалаах буолар. Олордубут маспытын 2-3 сыл устата бүөбэйдээһин, көрүү эрэйиллэр. Ол инниттэн күрүөлээһин, үчүгэйдик уунан хааччыйыы туох ханнык иннинэ быһаарыллара үчүгэй түмүгү биэрэр.
  • Маҥнайгы сылларга, сайыҥҥы кураан кэмнэргэ күн аайы кэриэтэ киэһээ хас мас аайы 40 лиитэрэҕэ тиийэр ууну кутуллуохтаах уонна лабааларын уунан ибиирэр ордук.
  • Туттуллар тэриллэр
  • Куул. Көһөрүллэр мас ахсаанынан ылабыт.
  • Өҥнөөх таҥас лиэнтэ. Уһуна — 20 см.
  • Күрдьэх. Үлэһит киһи ахсаанынан түөрт муннуктаах, үс өттө сытыыламмыт, бөҕө уктаах күрдьэх наада.
  • Сүгэ. 2-3 сытыы сүгэни бэлэмниибит.
  • Быа. Хас мас аайы 10 м уһуннаах шпагат быалары 2 м буолар гына быһыталаан, ортолорунан бүк тутан, уон лабаалаах оҥоробут. Элбэх оҥкучах хаһыллар сирин, дириҥин, туоратын, устатын мээрэйдииргэ шпагатынан тустаах «шаблон» уонна рейкаларынан «мээрэй» оҥоһуллар. Оҥкучахха кутуллубут састаабы дьиппинитэргэ икки тутаахтаах ыарахан «симээйи чуурка» оҥоһуллар.
  • Баһылыктар болҕомтолоругар
  • Тыыл бэтэрээнэ Иван Мохначевскай Аммаҕа “Кыайыы аллеятын” олордорго көҕүлээһининэн, 2015 сыллаахха улуус киинигэр киириигэ Амма улууһуттан сэрии толоонугар хаалбыт уонна эргиллэн кэлбит саллааттар ахсааннарынан 1769 мас олордуллубута. Иван Иосифович “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай партийнай бырайыак Саха сиринээҕи уопсастыбаннай сэбиэтин кытта көрсүһүүгэ Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар уонна куораттарыгар “Кыайыы аллеятын” олордор хамсааһыны тэрийэргэ этии киллэрбитэ. Онон мантан инньэ Иван Мохначевскай бу ыҥырыытын өйөөн, кини көмөтүнэн бары улуустарга “Кыайыы аллеятын” олордубутунан барыахтара диэн эрэнэбит.
  • Тыыл бэтэрээнэ кэпсэтиибитин түмүктүүрүгэр өрөспүүбүлүкэ улуустарын баһылыктарыгар анаан: “Мин “Кыайыы аллеятын” олордор хамсааһын идиэйэтин 30 сыл устата иитиэхтии сылдьыбытым. Ол баҕа санаабын төрөөбүт улууспар Кыайыы 70 сылыгар олоххо киллэрбитим. Аны, Сахам сирин бары улуустарыгар бу баҕа санаам олоххо киирэрэ буоллар. Ол туһуттан мас олордуутун ньыматын көрдөрөн биэрэргэ бэлэммин. Бу үтүө аахсыйаҕа улуустар баһылыктара кыттыаххыт диэн эрэнэбин”, — диэн санаатын тиэртэ. Онон тыыл бэтэрээнин ыҥырыытын ылынан, улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара төрөөбүт дойдуларыгар «Кыайыы аллеяларын» олордуохтара диэн эрэнэбит.
  •  Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0