СҮБЭ: Кучу чэйи иһэр кэм кэллэ

Бөлөххө киир:

Эмтээҕинэн биллэр кучу оту от ыйыгар хомуйаллар. Кучу оттон бэртээхэй чэйи оҥороллор.

Бу туһунан икки оҕолоох ийэ Ларьяна Алексеева сүбэлиир:

— От ыйыгар, үгэс быһыытынан, биһиги дьиэ кэргэн кучу оту хомуйабыт. Бу оту күн бастакы аҥаарыгар хомуйар ордук. Үргээн аҕалан баран сэбирдэҕин угуттан араарабыт. Салапааҥҥа уган ыга баайабыт. Сылаас сиргэ (тэпилииссэҕэ)  8-9 чаас устата туруорабыт. Күн уота көрбөт гына таҥаһынан бүрүйэбит.

Ол кэнниттэн тиэстэни курдук мэһийиллэр. Онтон иһиккэ кутан баран сииктээх таҥаһынан бүрүйэбит уонна биир түүн устата дьиэҕэ хонноробут. Сарсыныгар духуопкаҕа кыра кыраадыска хатыар диэри буһарабыт. Сойутан баран мөһөөччүктэргэ, иһиттэргэ хаһааныахха сөп.

Маннык чэйи аһары үлүһүйэн иһэр сэрэхтээх. Тоҕо диэтэххэ кучу от  эмтээх оттортон биирдэстэрэ буолар. Онон билэн-көрөн кэмнээн иһэр туһалаах.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0