Күн-дьыл билгэтэ: Бүлүү эҥээр хайдах саас, сайын кэлиэҕэй?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл үгүс улууска сиэри таhынан халыҥ хаар түстэ, ордук Алдан уонна Өлүөнэ өрүс алын тардыытыгар экстремальнай таһымҥа тиийдэ, Бүлүү эҥээр уонна арҕаа улуустарга балачча халыҥ буолла. Киин уонна илин эҥээр, соҕуруу улуустар сааскы халаан дьон олоҕор суоhаабатын туhугар дьаhанан эрэллэр.

edersaas.ru

Ааспыт күhүн Бүлүү эргин улуустарга ардах балачча түспүтэ, аны тоҥорон, сири маҥхатан баран 20 сантиметртан тахса халыҥнаах хаар ньимси барардыы ириэрэн, эбиитин күүскэ ардаан, сир-дойду муус килээҥки буолбута уонна кыстык хаар түhэн кыhыммытын көрсүбүппүт. Тохсунньуга диэри хаар чараас соҕус этэ, онтон тохсунньуттан саҕалаан күннэтэ күүстээх хаар түhэн, хаар лаппа халыҥаата. Инньэ гынан, билигин сир-дойду тот, үрдүнэн муус, эбии халыҥ хаар аны саас ханна барар диэн түмүк санааҕа кэлэн иҥнэбит. Саас эмискэ ириэрэн аҕыйах хонукка элбэх уу тахсыа, сөптөөх дьаhаныы буоллаҕына, халаан этэҥҥэ ааhыа.

Аны иккиhинэн. Сааскы уу дьайыытыгар сир-дойду нүөлсүйэн өҥ дьыл кэлиэҕэ, эмискэ ириэрии кэнниттэн уhун соҕус хатааhыннар турааччылар, ол аата быhа холоон ыам ыйын 20 күнүн арыый инниттэн сылыйан барыа, ити эрээри ыам ыйыгар эрдэ сылыйара сэрэхтээх. Сир көҕөрүүтэ хаhыҥнаан от үүнүүтүн, сир аhын үнүгэстэрин үлүтэн кэбиhэр, өр сыллаах кэтээhини көрдөххө үксүн оннук буолар. Хаhан баҕарар ыам ыйыгар эрдэ сылыйан, 20 чыыһыла иннинэ сир көҕөрдөҕүнэ үүнүү мөлтөх буолар, быйыл хаар халыҥ буолан сааскы көҕөрүү сөптөөхтүк кэлиэ, сайын саҕаланыыта бэс ыйа үтүө буолуо диэн санаабын үллэстэбин. Кыhын сылыйбытын, тохсунньу ыйы быhа хаардаабытын от ыйыгар хайаан да ситиhиннэриэхтээх, бэс ыйын бүтүүтүттэн от ыйын саҕаланыытыттан биирдиилээн күүстээх иҥэмтиэлээх ардахтар кэлиэхтэрэ, онон окко күнү-дьылы суоттаммакка эрдэ киирэн биэрии алдьатыылаах буолуон сөп. Эрдэ этиллибитин курдук, от ыйын бүтүүтүгэр, атырдьах ыйын саҕаланыытыгар сайыҥҥы табыгастаах күннэр көстөллөр, онтон салгыы быстах эрээри дохсун ардахтар баар буолуохтара. Хаhан баҕарар кыhыҥҥы халандаар ыйын буолбакка, эттик ыйын кэтээн көрүү сөптөөх соҕус буолар, ол сайын син биир хатыланар, кыhыҥҥы хонуктар сайын хатыланалларын умнуо суохтаахпыт уонна оттон барыта куһаҕан өттүн көрбөккө, сааскы ылааҥы, сайыҥҥы сай салгынынан тыынан, саха дьоно буоларбыт быhыытынан, кэлэр кыстыкпытыгар сыта тура бэлэмнэниэххэйиҥ.

Алексей Васильев, Бүлүү улууһа, Халбаакы, «Саха сирэ» edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0