Өйөбүлтэн үөрдүбүт

Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйын 11 күнүгэр 3-16 саастаах оҕолорго уоннуу тыһыынча солкуобай биирдэ бэриллэр көмө оҥоһулларын иһитиннэрбитэ. Бу көмө үгүс дьону үөртэ. Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа нэһилиэгин олохтооҕо Суруяна Неустроева:

edersaas.ru

— Коронавирус дьаҥа турбут кэмигэр дойдубут бэрэсидьиэнэ  Владимир Путин биирдэ бэриллэр көмө оҥорорун истэн бары да үөрдүбүт, астынныбыт. Биһиги дьиэ кэргэн икки оҕолоохпут. Онон бу көмөҕө тиксэбит. Уустук кэмҥэ бу улахан көмө буолар.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0