Ирина Михайлова: Артыыс “аччык” буолуохтаах

Бөлөххө киир:

Саха сирин биир саамай чаҕылхай уонна кэскиллээх артыыһа Ирина Михайлова ыалдьыттаата. Иринаны биир амплуалаах артыыс дии саныыбын, ол эрээри кини оонньуур оруоллара бэйэ-бэйэлэригэр хатыламматтар, бииртэн-биир умнуллубат уобарастар буолан табыллаллар.

Ыалдьыппынаан тыйаатырга эдэр артыыс оруолун, гостуруол уонна саха киинэтин туһунан кэпсэттибит.

— Кэпсэтиибитин, этэргэ дылы, сонуна сойо илигинэ, ааспыт Евразиятааҕы гостуруолтан саҕалыам этэ. Гостуруол туһунан санааларгын үллэһин эрэ – бырааттыы норуоттарбыт тыйаатырдара хайдах таһымнаах эбитий? Эдэр артыыстар туох саҥаны биллигит-көрдүгүт?
— Биир ыйдааҕы гостуруолга баран кэллибит. Саха тыйаатырын историятыгар маннык сырыы, айан суоҕа буолуо. Сарсыардатын – репетиция, киэһэтин – испэктээкил, айан үөһэ айан… Бырааттыы түүр норуоттар тыйаатырдарын кытта билсэн, онно кинилэр сыаналарыгар оонньоон, артыыстардыын билсэн… Олус интэриэһинэй сырыы буолла, оһуоба биһиэхэ, эдэр артыыстарга. Айаммыт быыһыгар репетицияланан, күнүстэри-түүннэри бэлэмнэнэн, икки испэктээкили сүрэхтээтибит. Артыыстар бары биир хамаанда буолан сырыттыбыт.
— Өйдүү-саныы сылдьар гына умнуллубат гостуруол буолбут. Оттон саҥа испэктээкиллэргэ оруолуҥ туһунан билиһиннэр эрэ.
— Николай Лугинов айымньытынан Андрей Борисов уонна Лена Гримм туруоррбут“Улуу Хууннар” испэктээкилгэ сүрүн оруол таптыыр кыыһын оонньоотум. Истиҥ, күүстээх, ол эрээри табыллыбатах тапталы көрдөрдүбүт. Биир туспа историялаах, олус интэриэһинэй оруол буолла.
— Режиссер аныыр оруолларын барытын сөбүлүүгүн дуо? Арай сөбүлээбэт оруолгун биэрдиннэр?
— Артыыска сөбүлүүр, сөбүлээбэт оруол диэн суох, оруолга “аччык” буолуохтаах. Режиссер эппитин барытын толоробут. Араас буолар: анаабыт оруоллара ардыгар тута табыллар, оттон сороҕор өр чочуйуллан, сыралаах бэлэмнэнииттэн биирдэ сатанар.
Эн үксүгэр кэриэтэ кыраһыабай кыргыттары, мааны дьахталлары оонньугун. Биир амплуалаах артыыспын дии сананаҕын дуо? Наар биир амплуаҕа сылдьар артыыс сайдыбакка хаалыан сөп дуу?
— “Ира Михайлова аһары биир оруоллары оонньуур” диэн атын оруолга кыайан көһөрбөттөр (күлэр). Ол аата, режиссер мин амплуабар сөп түбэһэр оруоллары аныыр. Саас аайы Саха тыйаатырдара улуустарынан гостуруолга турунабыт. Иллэрээ сыл биир ый устата биир оруолу толорбутум. Онно бу биир оруолбар саҥаттан саҥаны арыйан, уларытан-тэлэритэн, чочуйан оонньуурум. Артыыс гостуруолтан үөрэнэр дииллэр, кырдьык, оннук эбит. Ол оруолум олус табыллыбыта.
Эдэр артыыс диэн репертуарга хааччахтааһын баар дуо?
— Оннук хааччахтааһын суох. Саха тыйаатырыгар алта уонча артыыс баар. Сүрүн оруол диэн улахан эппиэтинэс. Онон уопуттаах, уонча сыл үлэлээбит артыыстары оонньото сатыыллар. Маны сөп дии саныыбын. Ол эрээри, эдэрдэр амплуалара сөп түбэһэр, барсар оруоллара баар буоллаҕына оонньотоллор, бу режиссертан тутулуктаах.
Сыанаҕа испэктээкил кэмигэр үөйбэтэх өттүттэн араас буолар дииллэр. Артыыс тылын умнар, булкуйар. Эйиэхэ маннык буолбута дуо?
— Тылы умнааһын, урут-хойут, сыыһа-халты этии ханна барыай? Биһиги номнуо бэйэ-бэйэбитин тутатына өйдөһөбүт, ол иһин маннык түбэлтэлэртэн түргэнник “быыһанабыт”. Сергей Потапов режиссердаах “Тиит” испэктээкилгэ сыанаҕа баар үрдэлгэ тахсан, онтон охтуохтаахпын. Кэннибинэн түһүөхтээхпин, ону сыана анараа өттүгэр хабан ылыахтаахтар. Биирдэ оннук испэктээкил кэмигэр үктэлбиттэн тутуохтара диэммин эрэллээхтик охтубутум, арай, ким даҕаны туппата, муостаҕа түстүм. Хата, сууллан иһэрбин көрөннөр, төбөбүн өйөөн хааллылар. Сыанаҕа тыас-уус бөҕөтө буолла, артыыстар олус соһуйдулар. Бэйэ-бэйэбитигэр өйдөһөр гына бэлиэ көрдөрүөхтээх этибит, ону ситэ өйдөспөтөхпүт дуу, хайдах дуу? Хата көрөөччүлэрбит сэрэйбэтэх этилэр.
Үксүгэр “Детсаттар” устубут кэмиэдьийэлэригэр оонньообутуҥ. Кэлин Степан Бурнашев зомбилаах киинэтигэр сүрүн оруолга уһулла сылдьаргын истибиппит. Саҥа сүүрээҥҥэ “олорсор” төһө эппиэтинэстэҕий? Киинэ туһунан кылгастык кэпсээ.
— Бэйэбин кэмиэдьийэ оруолларыгар барсар артыыспын дии санаабаппын. Ол иһин, Степан миигин атын оруолга көрбүтүттэн олус астыммытым. Атын киинэлэргэ холоотоххо ураты, сүүрүүлээх-көтүүлээх хартыына. Киинэни зомбилаах диэбиттэригэр соһуйан “дьик” гыммытым. Онтон ис хоһоонун кэпсээбиттэригэр сөбүлээбитим. Дора диэн ааттаах кыыһы оонньуубун, сүрүн дьоруойдартан биирдэстэрэ. Устар бөлөх бары умсугуйан туран үлэлээбитэ, киинэҕэ аҕыйах сыана уһуллара хаалла.
Оттон хайан баҕарар киэҥ эйгэҕэ, сыанаҕа сылдьар дьоҥҥо сулустаах чаас диэн баар. Эйиэхэ маннык буолбута дуо?
— Тыйаатыр артыыһыгар сулустаах чаас диэн суох быһыылах. Биһиги биирдии бэйэбит туспутугар буолбакка, тыйаатырбыт туһугар, испэктээкилбит табылыннын, көрөөччү астыннын диэн үлэлиибит-хамсыыбыт буоллаҕа дии. Саха култууратын бэйэбитин нөҥүөлээн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр сыаллаахпыт.

Айтана АММОСОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0