Ил Дархан киин сирдэр анал ирдэбиллэрин эрдэттэн билсэн баран айанныырга сүбэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан социальнай ситимнэргэ быһа эпииригэр дьон араас ис хоһоонноох ыйытыыны хото биэрдэ.

edersaas.ru

«Дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ хаһан тохтуоҕай?» диэн сайыҥҥы уоппускаларын былаанныыр дьон  ыйыттылар. Холобура, Краснодарскай кыраайга бараары, билиэттэрин атыылаһаары гынар дьон бааллар эбит. Онуоха Ил Дархан «билигин ханна да бардахха, киин куораттар, эрэгийиэннэр сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, бэйэлэрэ туспа ирдэбиллээхтэр. Онон онно-манна барыаххыт иннинэ, бастатан туран, ол барыахтаах сиргит ирдэбилин ыйыталаһан билсэргитигэр сүбэлиэм этэ» диэн биир ыйытыыга хоруйдаата. 

Биири чопчу тоһоҕолоон этэбин — омук сирдэригэр барыыны олох тохтотуохха наада, — диэн  бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0