Мэдиссиинэ үлэһиттэригэр федеральнай уонна эрэгийиэн бүддьүөтүттэн эбии төлөбүр көрүллүөҕэ

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев дойду баһылыгын быһа сибээс кэмпириэнсийэтигэр кытынна.

Владимир Путин эрэгийиэннэргэ федеральнай бүддьүөттэн 33 млрд солкуобай инфекционнай балыыһаларга эбии куойкалар көрүллэллэригэр уонна 13 млрд солкуобайы мэдиссиинэ тиэхиньикэлэринэн хааччыйарга тыырылларын туһунан эттэ. Бу суумма иһигэр суһал көмө массыыналарын атыылаһыы эмиэ киириэҕэ. Мэдиссиинэ үлэһиттэригэр 10 млрд солкуобайы эмиэ федеральнай бүддьүөттэн көрдө.

Оттон Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн быһа эпииргэ тахсан, дойду баһылыга Владимир Путин видео-сибээһинэн мунньахха кыттыбытын иһитиннэрдэ. Кини мэдиссиинэ үлэһиттэригэр федеральнай уонна эрэгийиэн бүддьүөтүттэн эбии төлөбүр көрүллүөҕэ диэтэ. Быраастарга 80 тыһыынча солкуобай, кинилэргэ көмөлөһөр медиктэргэ 50 тыһыынча солкуобай уонна онтон намыһах дуоһунастаах үлэһиттэргэ 25 тыһыынча солкуобай көрүллэр буолбутун эттэ.

Владимир Путин бүгэн олоруу эрэсиимин тутуһары, ыарыыны аһарынарга тулуурдаах буолуҥ диэн эппитин Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0