Ийэ хапытаалын оҕолор айаннарыгар туһаныахха сөп

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын биир эрэ буолбакка, хас да оҕо айанын ороскуотугар туһаныллар буолла. Ол туһунан Ил Түмэн ахсыс пленарнай мунньаҕар көрөн, “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын туһунан” сокуоҥҥа уларытыыны киллэрдэ.


Ол курдук, сокуоҥҥа “оҕо” диэн тылы “оҕолор” диэн көннөрдүлэр. Онон биир дьиэ кэргэн оҕолоро атын сиргэ эмтэнэ баралларыгар айаннарын ороскуотун Ийэ хапытаалыттан туһаныахтарын сөп.

Манна эмтэнэр кыаҕа суох, атын сиргэ баран үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнү ылара  ирдэнэр хас да оҕолоох дьиэ кэргэттэр бааллар эбит. Онон биир эрэ буолбакка, хас да оҕолоругар туһаналлара кинилэргэ барыстаах. Ол иһин сокуоҥҥа уларытыыны киллэрдибит, — диэн эттэ Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо саас дьыалаларыгар сис  кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова.

Кини бу сокуону тута бүтэһик ааҕыыга ылынарга этии киллэрбитэ, тоҕо диэтэр, борокуратуура, судаарыстыбаннай быраап управлениета, юстиция министиэристибэтэ сөбүлэһэллэр. Норуот дьокутааттара бу этиини кытары сөбүлэһэн, сокуону ылыннылар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0