Ийэ хапытаала — бастакы оҕоҕо

Бөлөххө киир:

Билигин 90-ус сылларга төрөөбүт дьон ыал буолан, оҕо төрөтөр кэмнэрэ кэллэ. Оччолорго төрөөһүн олох кыра буолан, демографическай аллараа түһүү содула билигин да охсор.  Саамай кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ үлэ ыытыллыаҕа. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 3-7 саастаах оҕоҕо босуобуйа төлөнүөҕэ. Ону ылар дьон нэһиилэ тиийинэн олоруу кээмэйин саҕа дохуоттаах буолуохтаахтар. Быһа холоон, биир оҕоҕо 11 тыһ. солкуобай, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Путин.

edersaas.ru
Саамай соһуччу үөрүүлээх сонун: ийэ хапытаала 466 тыһ. солк. бастакы оҕоҕо төлөнөр буолуоҕа.  Итиэннэ 1-4 кылаас оҕолоро босхо итии аһылыгынан хааччыллыахтара.
Оттон иккис оҕоҕо ийэ хапытаала 150 тыһ. солк. үрдэтиллэн, 616 тыһ.солк. тиийиэҕэ. Үһүс оҕоҕо ипотека кирэдьиитин 450 тыһ. солк. судаарыстыба төлүөҕэ.  Ити курдук 2026 сылга диэри ийэ хапытаала уһатыллан биэрдэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0