Хоролор Кыайыы 75 сылынан кинигэ таһааттардылар

Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгэ быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, нэһилиэктэриттэн саа-саадах тутан, Ийэ дойдуларын көмүскээбит биир дойдулаахтарын туһунан кинигэни таһааттарда.

edersaas.ru, Марта Николаева

Кинигэни СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун, Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо П.И.Уаров,  М.К. Аммосов аатынан ХИФУ научнай библиотекатын кылаабынай библиотекара Е.П.Ксенофонтова хомуйан таһааттардылар. Манна даҕатан эттэххэ, Прокопий Иванович республикатааҕы Кыайыы фондатыгар эппиэттиир сэкиритээринэн үлэлии олорон, Кыайыы үбүлүөйдэригэр анаан элбэх кинигэни таһаарбыт үтүөлээх. Чопчу Хоро кинигэтин эттэххэ, кинигэ биэс түһүмэххэ араарыллан суруллубут. Ааптардар хас биирдии буойун туһунан чуолкай буоллун диэн, 34 анал кинигэни туһаммыттара, библиографическай ыйынньык быһыытынан толору наарданан суруллубут. Ханнык кинигэҕэ, хаһыакка суруллубута барыта ыйыллыбыт. Манна биир үчүгэйэ диэн, сэрии хонуутуттан төннүбэтэх буойуттар ааттара, сэрии кыттыылаахтарын наҕараадалара, буойуттар туһунан хаартыскалаах ахтыы толору туоһулуур. Билигин биир да бэтэрээн тыыннаах ордубатах кэмигэр, аныгы көлүөнэҕэ улахан бэлэх дии санаатым. Төрөөбүт нэһилиэкпититтэн кимнээх барбыттарын билэргэ, олорбут олохпут толору историята арыллыбыта, тугунан да кэмнэммэт улахан үлэ.
Түмүктээн эттэххэ, кинигэ ааптара Прокопий Иванович Уаров Сунтаар улууһуттан төрүттээх СӨ правительствотын аппаратыгар салайар үлэҕэ, кэлин Кыайыы республикатааҕы фондатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбит салайааччыбыт буолар. Үйэтитиигэ үлэҥ тугунан да кэмнэммэт улахан үлэлээҕин үрдүктүк сыаналыыбыт. Хас да көлүөнэ тухары эн аатыҥ биир дойдулаахтаргар махталынан ааттана туруо.

Марта Николаева, суруналыыс, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0