Холуонньа үлэһитэ баһаартан дьону быыһаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар ини-бии Ксенофонтовтар ааттарынан уулуссаҕа турар икки этээстээх дьиэҕэ уот турбут.

edersaas.ru

Ону бастакынан Мохсоҕоллоохтооҕу 6 №-дээх кытаанах эрэсиимнээх холуонньа харабыллааһыҥҥа отделын младшай иниспиэктэрэ Илья Косницкай өйдөөн көрбүт. Илья сулууспатын кэнниттэн дьиэлээн испит.

Кини баһаарынайдары ыҥыран баран, умайа турар дьиэҕэ киирэн, утуйа сытар дьону уһугуннартаан, таһаартаан барбыт. Баһаартан шок хаалбыт дьахтары көтөҕөн таһаарбыт.

Онон, бу холуонньа үлэһитэ сүүрбэччэ киһини быыһаабыт!

Илья Косницкайга быыһаммыт дьон эрэ буолбакка, баһаарынайдар эмиэ истиҥ махтал тылларын эппиттэр. Кини хорсун быһыытын бэлиэтииргэ диэн судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа улуустааҕы этэрээтин начальнига Федор Севостьянов хадатаайыстыба киллэрбит.

Оттон холуонньа начальнига «Махтал» биллэрбит.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0