ХИФУ устудьуоннара уопсайга олохсуйдулар

Бөлөххө киир:

Эмиэ биир сайын биллибэккэ ааһан, Сэргэлээх сэргэхсийэ түстэ. Устудьуон олоҕун толору билиэххин баҕарар буоллаххына, уопсайга олоруохтааххын дииллэр. Онон, хас биирдии саҥа үөрэнэ кэлбит оҕо Сэргэлээх уопсайыгар олорорун ыраланара саарбахтаммат.

Атырдьах ыйын бүтүүтэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бастакы кууруһун устудьуоннарыгар 2018-2019 үөрэх дьылыгар уопсайга  олоро киирэр бирикээстэрэ таҕыста. Уопсайдаммыт оҕолор аны түөрт-биэс сыл үөрэнэллэрин тухары устудьуон олоҕун толору билиэх­тэрэ турдаҕа.

Быйыл 928 бастакы куурус устудьуон­а уопсайдарга киириэ. Номнуо уопсайга көһөн эрэллэр”, — диэн ХИФУ устудьуоннарын идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Василий Попов иһитиннэрэр.

Сэргэлээххэ 15 уопсай дьиэ баар, биэс тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Бу уопсайдар бары санитарнай-эпидемиологическай сулууспа уонна баһаарынай өттүнэн ирдэбиллэргэ эппиэттииллэр.  Уопсайга улуустартан, Арассыыйа атын куораттарыттан уонна тас дойдулартан үөрэнэ кэлбит устудьуоннары ыла сатыыллар.

Алена Гоголева, геолого-разведочнай факультет бастакы кууруһун устудьуона:

— Бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта куруук бииргэ буолаары, уопсайга олоро киирдим. Устудьуон олоҕун уопсайга эрэ олордоххуна билэҕин диэччилэр.

Саша Никифоров, информатика уонна математика институтун бастакы кууруһун устудьуона:

— Уопсайга олоруохпун уруккуттан баҕарарым. Номнуо уопсайбар киирдим. Санаабытым курдук, киэҥ-куоҥ, ыраас, сып-сырдык дьиэҕэ олоробун. Саҥа табаарыстарданыам, умнуллубат элбэх түгэннэр буолуох­тара диэн испэр күүтэбин, үөрэ саныыбын.

Чэмэлиинэ Оросина, геолого-разведочнай факультет бастакы кууруһун устудьуона:

— Уопсайга олорор үөрэнэргэ, эбии дьарыктарга сылдьарга табыгас­тааҕа буолуо дии саныыбын. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта эн-мин дэсиһэн уопсайга олоруохпун, тэҥҥэ уруок аахсыахпын, тэрээһиннэргэ сылдьыахпын баҕарабын. Хомойуох иһин, ылбатылар. Аныгыс бирикээс тахсан, Сэргэлээх олохтооҕо буоларбын көһүтэбин.

Айтана Аммосова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0