ХИФУ абитуриеннары быһа сибээскэ ыҥырар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үөрэххэ туттарсыы кэмэ чугаһаата. Онон сибээстээн, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет аныгылыы ньыманан быһа сибээскэ тахсан, абитуриеннар ыйытыыларыгар хоруйдуур, Саха сирин сүрүн үрдүк үөрэҕин кыһатын бэрэстэбиитэллэрин кытта онлайн-көрсүһүүнү тэрийэр.

edersaas.ru

✅ ХИФУ-га ханнык идэлэр баалларын кэпсиир

✅ Сэҥээрэр ыйытыыларгытыгар хоруйдуур

✅ Быһа эфир кэмигэр уонна ол иннинэ ыйытыыларгытын ылар

Эһиэхэ эрэ анаан, саамай суолталаах 9 сүрүн тиэмэҕэ эфири ыытар:

Муус устар 20 күнүгэр: “ХИФУ барыгытыгар: үрдүк үөрэх тугунан ордугуй?”

Муус устар 21 күнэ: “ХИФУ олоҕо: устудьуоннарга туох кыаҕы биэрэрий?”

Муус устар 22 күнэ: «Үлэ дьиҥнээх ырыынага: ханнык идэлэр ирдэнэллэрий?”

Муус устар 23 күнэ: “Цифровой идэлэр: тугу билэр ирдэнэрий?”

Муус устар 24 күнэ: “Идэлэр: аныгы олоххо естественнэй-научнай хайысхалар”

Муус устар 27 күнэ: “Идэлэр: филологияҕа болҕомтоҕутун ууруҥ”

Муус устар 28 күнэ: “Идэлэр: социальнай-гуманитарнай хайысхалары сэҥээрээччилэргэ”

Муус устар 29 күнэ: “Идэлэр: Аныгы олоххо педагог идэтин тоҕо сэҥээриэхтэрэй?”

Муус устар 30 күнэ: “Үөрэххэ туттарсааччылар сирдэтиниилэрэ (навигатордара). Суолталаах ыйытыыларга хоруйдар”

Ити курдук, быһа эфир муус устар 20-30 күннэригэр киэһэ 17:00 — 18:00 чааска ZOOM платформанан барар. Кэмпириэнсийэ идентификатора – 7226499801. Туох баар боппуруоска 8-914-101-30-66 төлөпүөн нүөмэринэн билсиҥ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0