«Хара ыаһы» хайдах оҥоробут? (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

«Моя история» мусуой комплекса саха аһын-үөлүн пропагандалыыр сыаллаах араас бырайыактары оҥорор.

edersaas.ru

Бу сырыыга «Россия – Моя история» мусуой таһыгар өрөмүөн үлэтэ ыытылларын кэмигэр, ыарахан уйуктаах техника алҕас хатыҥы эчэтэн, ол туоһунан саха ыаһын (жвачка) оҥордулар.

Ол курдук «хара ыаһы» оҥорорго сибиэһэй туос наада. Мусуой отделын салайааччыта Туяра Павлова: «Ыаһы таһырдьа оҥордубут. Гаас оһоххо.  Быһа холоон икки чаас курдук оҥордубут. Оҥоһуллубут маассаны икки гынан аҥаардаатыбыт.  Бииригэр моонньоҕону эбэн биэрдибит.  Ураты амтаннаннын диэн», — диэн кэпсээтэ.

Онтон ыаһы хайдах оҥорбуттарын туһунан манна киирэн көрүҥ:

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0